Алтынньы 11 күнүгэр Кыргыттар аан дойдутааҕы күннэрэ ХНТ (ООН) көҕүлээһининэн 2012 сылтан бэлиэтэнэр.
Бу күн кэнэҕэскитин ыал ийэлэрэ буолуохтаах кыргыттары иитии боппуруостарыгар, кинилэр бырааптарын көмүскүүргэ, итиннэ сыһыаннаах социальнай кыһалҕаларга уопсастыба болҕомтотун тардарга анаммыт.
Билиҥҥи кэм дьахтарын уобараһа — иһирэх ийэ, тапталлаах кэргэн, киэҥ билиилээх, үөрэхтээх, кэрэ сэбэрэлээх, сөбүлүүр дьарыктаах, мэлдьи сайдыыга талаһар, туох баар айар-тутар дьоҕурун арыйар, сайыннарар, үгүһү ситиһэр таптыыр идэлээх, үп-харчы өттүнэн тутулуга суох киһи.
Кэрэ аҥардарбытыгар олох араас эйгэтигэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолуо диэн “Кыыс куо, Далбар хотун энциклопедияны” кытары киин бибилэтиэкэҕэ билсиһэргитигэр ыҥырабыт.