«Уоланнар ааҕыылара»
Хоодуоттар хотойдор үйэттэн үйэҕэ ааттара ааттанар
Хонуунан-муоранан, тайҕанан-хайанан ырыаҕа ылланар.
Ол иһин халлааҥҥа күн уота күлүмнээн күндээрэ умайар
Ол иһин дьоннорго өй-санаа күүһүрэн күн курдук сандаарар
Сылын ахсын ыытыллар, алын кылаас үөрэнээччилэригэр «Уоланнар ааҕыылара» күрэхпит быйыл 10 төгүлүн Өрөспүүбүлүкэни төрүттээччи, саха суруйааччыларын сойуустарын тэрийээччи, научнай исследовательский институту олохтооччу, саха литературатыгар сонун хайысханы тэлээччи, бөлөһүөк суруйааччы, сүдү общественнай политическай деятель, лингвист-учуонай Платон Алексеевич Слепцов — Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананан бастакы түһүмэхтэр куустанан, онтон түмүктүүр күрэхпит С. П. Алексеев — Боһуут аатынан орто оскуолаҕа сэтинньи 24 күнүгэр бэрт үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста. Манна барыта куустанан ыытыллыбыт күрэх саамай бастыҥнартан бастыҥнара, кыайыылаахтара 13 кыттааччы: Хатыы, Маалыкай, Чуукаар, Үөдэй, Акана, Хорула, Чаппанда, Сүлэ, Антоновка, Ньурбачаан, ННОШ №3, НМГ оскуоларыттан кэлэн күрэхтэстилэр.
Күрэҕи маннык састааптаах дьүүллүүр тойон сүбэ кэлэн сыаналаата: Ньурбатаҕы үөрэҕирии управлениетын, алын сүһүөх метод холбоһук салайааччыта Григорьева Д. В., Ньурбатааҕы кииннэммит библиотечнай ситим, оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Константинова М. В. , С. П. Алексеев — Боһуут аатынан орто оскуола директора Алексеев Ю. В., Чаппанда нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтин баһылыга Бухолов К. Г., Чаппанда олохтоох модельнай бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Тимофеева Е. С.
Күрэх түмүгүнэн 3 миэстэни ылла Николаев Евгений (НМГ 4 «в» кылаас, салайааччыта Угапьева Н. П.), 2 миэстэни ылла: Степанов Владимир (Чуукаар оскуолата, салайааччыта Николаева Н. Г.), 1 миэстэни ылла Скрябин Самсон (Үөдэй начаалынай оскуола, салайааччыта Васильева Т. И.). Күрэх саамай үрдүк чыпчаалын, «Кылаан» аатын ылла Яковлев Айдын (Маалыкай оскуолата, салайааччыта Иванова М. С.) уонна ыраах Таатта улууһун, Былытыан Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт, үөскээбит түөлбэтиттэн, Дьохсоҕон олохтоохторун ааттарыттан ананан кэлбит «Добун суругу» Чаппанда тыа сирин түөлбэтин баһылыга Бухолов К. Г. үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарда. Маны таһынан Ньурбатааҕы кииннэммит библиотечнай ситим Добун суругун уонна 1000 солкуобайдаах сертификатын, оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин, сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Константинова М. В. С. С. Сүүлүскэй аатынан орто оскуола 4 кылааһын үөрэнээччитигэр Николаев Янҥа туттарда, Чаппанда модельнай библиотека анал бирииһин Степанов Александр, Антоновка орто оскуолатын үөрэнээччитэ тутта. Анал бириистэри туттулар Николаев Игорь (Чаппанда), Николаев Гриша (Акана). Бары күрэх кыттааччылара Чаппанда оскуолатын иһинэн оҥоһуллар анал суумкалары уонна «Алроса» бириистэрин бэлэх туттулар.
Күрэх кэмигэр Былатыан Алексеевич Ойуунускай кинигэлэрин быыстапката уонна суруйааччы «Ньургун Боотур» олонхотуттан «Олоҥхо — оҕо хараҕынан» диэн ааттаах 3 — 4 кылаас үөрэнээччилэрин уруһуйдарын быыстапкалара турда.
Саргытын салайсыбыт сахатын норуота Улуу убайбытын Былытыан Ойуунускайы умнубаппыт. Кини сырдык аатын кэриэстиибит. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн гыныахпыт.
Үс саха тѳрүѳҕэр,
Үѳрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа…
-диэн тураммыт: Бары кыттыбыт хорсун уолаттарбытыгар, салайааччыларыгар истинник махтанабыт. Уонна бу курдук хоһоон ааҕар дьоҕургутун сайыннара туруҥ диэн баҕа санаабытын этэбит! Маннык «Уолан ааҕыылара» инникитин да буола туралларыгар баҕарабыт!
Е. С. Тимофеева
Чаппанда нэһилиэгин олохтоох кэрэспэндьиэнэ.