Сэтинньи 29 күнүгэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Оллоонноон олорон олоҥхото истиэҕиҥ» диэн олоҥхо дьоро киэһэтэ ыытылынна.
Биэчэрбитин «Ситим» фольклорнай бөлөх толоруутугар Иннокентий Бурнашев — Тоҥ Суорун «Дыырай Бөҕө» олоҥхотуттан быһа тардыыны олус умсугутуулаахтык, итэҕэтиилээхтик толорон дьон болҕомтотун тартылар.
Онтон «Ааҕар дьиэ кэргэн» түмсүү Иванова Лаура Никитична кыыһынаан Лидалыын, Саввинова Александра Дмитриевна уола Дималыын, Янкова Туяра Ивановна кыыһа Кэрэчээнэлиин толорууларыгар Степан Васильев «Күн Эрили» олоҥхоттон быһа тардыыны толороллорун сэргээн иһиттибит. Библиотекарь Альбина Ивановна «Олоҥхо дойдута» диэн викторинатыгар мустубут оскуола оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар. Кыайыылаахтарынан Иванов Роберт, Николаев Марк, Сачарысов Алик бастааннар кыайыы өрөгөйүн биллилэр, билиилэрин хаҥаттылар. Олоҥхо биэчэрин көхтөөх оһуохайынан түмүктээтибит.
Үйэлэргэ уруйдана тур, сүдү Олоҥхобут!
Николаева А. И.
Киирэп нэһ. бибилэтиэкэтэ.