“Куорсун” айар литературнай түмсүү туһунан
Чаппандабыт нэһилиэгэр айар-суруйар дьоҕурдаах дьоннорбут аҕыйаҕа суохтар. Ол курдук биһиги нэһилиэктэн элбэх тойуксуттар оһуокайдьыттар, ырыаһыттар үүнэн тахсыбыт сирдэрэ буолар, “Ньурба уоттара” айар литературнай түмсүүнү тэрийсибит Клара Васильева, онтон үүнэн тахсыбыт Валерий Иннокентьев, С. Н. Самсонова — Сиибиктэ, В. С. Семенов, М. С. Семенов, А. Н. Пшенников, А. Д. Васильев — Күндүл, С. М. Игнатьева, Раида Егорова, кыраайы үөрэтээччилэр Н. Т. Степанов, В. И. Елизаров, В. С. Лосотов,Т. Д. Сидорова, З. С. Бухолова, Р. П. Протопопова , Д. К. Потапов ааттарынан киэн туттабыт. “Куорсун” айар литературнай түмсүү нэһилиэкпитигэр, аныгы үйэ хаамыытынан батсаап ситим нөҥүө, бэйэ-бэйэбитин кытта, билсиһэн, саҥа сибиэһэй хоһооннорун нэһилиэкпит олохтоохторугар, күннэтэ билиһиннэрэ, сырдата турабыт, ону сэргэ нэһилиэк иһинэн тахсар “Чаппанда уоттара” хаһыакка эмиэ таһаарабыт. Быйылгы сылга ыам ыйыгар “Ньурба уоттара” айар түмсүү чилиэннэрин кытта көрсүһүү Н. Т. Степанов аатынан түмэлгэ буолан ааспыта. Биһиги нэһилиэктэн 25 ааптар хоһоонноро “Ньурба уоттара” 50 сыллаах үбүлүөйүнэй кинигэтигэр киирбиттэринэн киэн туттабыт.
Тимофеева Л. С.