МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Кыайыыга сирдиир – бибилэтиэкэ

2024 сыл Саха сиригэр Оӄо сыла биллэриллибитинэн Ньурбатааҕы оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ бэйэтэ былааннаммыт үлэтин таһынан араас хабааннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ ѳрүү кыттар. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас хабааннаах, олус интэриэһинэй тэрээһиннэр ситимин быспакка сыллата ыытыллаллар.

Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Оҕо арыллар, ааҕар киинэ» тэрийиилэринэн өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр «TUOS» ааҕыы кэмпириэнсийэтэ ыытылынна. Бу кэмпириэнсийэ сыала – соруга оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылын сайыннарыы буолар.

Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан: Абыйтан, Орто Халыматтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн 137 оҕо кыттыыны ылла.

Кэмпириэнсийэ түмүгүн таһаарыытыгар экспертнэй дьүүллүүр сүбэ тэриллэн үлэлээтэ. «Кэскил» хаһыат уонна «Бэлэм буол» сурунаал эрэдээксийэтин эппиэттиир сэкирэтээрэ Прокопий Софронеев, «Саха НКИХ» ханаалын оҕолорго аналлаах сахалыы ойуулук режиссера Изабелла Егорова уонна «Оҕо сайдар, ааҕар киинэ» сүрүн бибилэтиэкэрэ Наталья Захарова састааптаах экспертнэй сүбэ үлэлэри сыаналаата.

Ааҕыы кэмпириэнсийэтэ икки түһүмэххэ арахсан үс бөлөҕүнэн ыытылынна. Бастакы оройуоннай түһүмэххэ Ньурбаттан биэс үлэ талыллан иккис (өрөспүүбүлүкэтээҕи) түһүмэххэ ыытыллыбыттара. Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхаларын, сиэксийэлэринэн экспертнэй дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн биэс үлэбит бэһиэн кыайыылаах таҕыстылар.

«Мин сөбүлээн аахпыт айымньым» оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр:

Бастакы үрдэл — Михайлов Айсиэн, Ньурба куорат №3 орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Павлова И. И., Ньурбатааҕы Кииннэммит библиотечнай ситим Оҕону кытта үлэлиир методиһа);

Иккис үрдэл — Андреев Егор, Ньурба куорат Ст. Васильев аатынан элбэх хайысхалаах гимназия 4 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Семенова Л.П., Оҕо уонна ыччат библиотекатын үлэһитэ);


«Мин сөбүлээн аахпыт айымньым» оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр:

Бастакы үрдэл — Кириллин Петр, Ньурба куорат техническай лицейын 5 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Ушканова Я. В., Оҕо уонна ыччат библиотекатын үлэһитэ);

Иккис үрдэл — Амбросьева Снежана, Ньурба улууһун Д. И. Николаев аатынан Киирэп орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ (сал. Иванова М.И., учуутал);


«Тыыннаах айымньылар»:

Иккис үрдэл — Ньурба улууһун Н. Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын «Айуу, чэ!» театральнай студия оҕолоро (сал. Матвеева Н.В., “Түһүлгэ” НАДь уус-уран салайааччыта);

«Маннык хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллара олус үчүгэй, хайҕабыллаах суол. Саха оҕото төрөөбүт тылын билиэхтээх, харыстыахтаах, санаатын толору арыйыахтаах, Төрөөбүт тылбыт, сурукпут-бичикпит инникитэ кэскиллээх буоллун диэн улаханныын — кыралыын кыһаллыахтаахпыт», – диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ кэмпириэнсийэ экспертнай сүбэһитэ Наталья Захарова.

Ааӄааччыларбытын, кэллиэгэлэрбитин ѳссѳ биир ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит, ѳрүү да маннык ѳрѳспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ кыайан-хотон Ньурбабыт аатын ааттата-сураҕырда туруҥ!

Методическэй салаа