Төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүгэр Күндээдэ оскуолатын аактабай саалатыгар «Таптыыр сахам тылынан» тэрээһин буолла.
Оҕолорго сахалартан бастакы тыл үөрэхтээҕэ Семен Андреевич Новгородов туһунан презентация көрдөрдүбүт. Оскуолаҕа өр сылларга саха тылын учууталынан үлэлээбит, суруйааччы, бэйээт, кыраайы үөрэтээччи Ахмед Андреевич Дмитриев хоһооннорун кэллиэгэлэрэ, эдэр көлүөнэ учууталлар, төрөппүт уола, сиэннэрэ дорҕоонноохтук ааҕыыларынан «Төрөөбүт алааскын эн таптаа» хоһоону ааҕыы күрэҕэ саҕаланна.
Күрэх төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр уонна Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар ананан ыытылынна. Күрэххэ барыта 14 үөрэнээччи кыттан төрөөбүт Ньурбабыт улууһун бэйиэттэрин, олохтоох хоһоон айааччылар айымньыларын үрдүк сыанаттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Ол курдук, бүгүн Ньурбабыт биллэр бэйиэттэрин: Н.И. Харитонов-Чуор, Клара Васильева, Ахмед Дмитриев, Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах, Альбина Күндээдинскэйэ хоһоонноро ааҕылыннылар.
3 киһилээх дьүүллүүр сүбэ үлэлээн бөлөхтөрүнэн кыайыылаахтары быһаарда. Алын сүһүөх кылаастарга 3 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Гагарин, орто сүһүөх кылаастарга 7 кылаас үөрэнээччитэ Виктор Соколов, улахан кылаастарга Алина Герасимова, 8 кылаас үөрэнээччитэ буоллулар.
Тыл хомуһунун тэрээһиннэрэ ыытыллан бүттэхтэринэ бары кыттыбыт оҕолорго туоһу суруктары, кыайыылаахтарга добун суруктары, кинигэ бэлэхтэр туттартыахпыт.
Күндээдэ бибилэтиэкэтэ