Олунньу 13 күнүгэр И. С. Жараев аатынан олохтоох библиотекаҕа төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүн чэрчитинэн «Сайдам сахам тылынан» инфоуруок ыытылынна. Уруокка Е. К. Федоров аатынан Хорула орто оскуолатын бэһис кылааһын үөрэнээччилэрэ сырыттылар. Бибилэтиэкэр лингвист-учуонай С. А. Новгородов олоҕун, норуотун иннигэр үрдүк суолталаах үлэтин туһунан кэпсээтэ. Салгыы «Төрөөбүт тыл — норуот барҕа баайа» кинигэ быыстапкатын билиһиннэрдэ. Тыл, остуол оонньууларыгар оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар.
Дьиэ кэргэн уонна оҕо-аймах сылын чэрчитинэн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах «ИЭЙЭР САХАМ ТЫЛЫНАН» хоһоон ааҕыытын күрэҕэ ыытылынна. Күрэх сыалынан төрөөбүт тылга болҕомтону ууруу, айар дьоҕуру сайыннарыы, үтүө сиэргэ-майгыга иитии-үөрэтии буолар. Соруктара: сахалыы толкуйу, саҥарыныы сайыннарыы, олук ууруу, дьиэ кэргэни биир санааҕа түмүү, норуот тылынан уус-уран айымньыны билэргэ умсугутуу, сайыннарыы. Күрэххэ уһуйаан саастаах уонна алын кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Кыайыылаахтар добун суругунан, анал ааттарынан, өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн бэлиэтэннилэр.
Андросова Л. И.