Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүн көрсө өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас хабааннаах, олус интэриэһинэй тэрээһиннэр ситимин быспакка сыллата ыытыллаллар.
Ол курдук быйыл ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр «TUOS» ааҕыы кэмпириэнсийэтэ сыала — соруга оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылын сайыннарыы буолар. Ааҕыы кэмпириэнсийэтэ икки түһүмэххэ арахсан үс бөлөҕүнэн ыытылынна. Бу күрэххэ Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан: Абыйтан, Уус Алдантан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн 137 оҕо кыттыыны ылла.
Кэмпириэнсийэ түмүгүн таһаарыытыгар экспертнэй дьүүллүүр сүбэ тэриллэн үлэлээтэ, «Кэскил» хаһыат уонна «Бэлэм буол» сурунаал эрэдээксийэттэн эппиэттиир сэкиритээрэ Прокопий Софронеев, «Саха НКИХ» ханаалын оҕолорго аналлаах сахалыы ойуулук режиссера Изабелла Егорова уонна «Оҕо сайдар, ааҕар киинэ» сүрүн бибилэтиэкэрэ Наталья Захарова экспертнэй сүбэ үлэлэри сыаналаата.
Ол курдук «Мин сөбүлээн аахпыт айымньым» хайысхатынан орто сүһүөх оскуола үөрэнээччилэригэр Д. И. Николаев аатын сүгэр Киирэп ситэтэ суох орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Снежана Амбросьева иккис үрдэли ылары ситистэ.
Оҕо төрөөбүт тылын билэригэр, үөрэтэригэр, санаатын толору арыйарыгар, төрөөбүт тылбыт, сурукпут-бичикпит инникигэ кэскиллээх буоларын туһугар бииргэ үлэлэһэр кылаас салайааччытыгар Иванова Мария Игнатьевнаҕа, оскуолабыт коллективыгар махталбын биллэрэбин
Киирэп филиалын бибилэтиэкэрэ Николаева А. И.