Олунньу 13 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, «Таптыыр сахам тылынан» өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьыктаан буолан ааспыта. Тэрийээччинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин «Оҕо ааҕыытын киинэ» буолар.
Ньурба улууһуттан 3-8 кылаас үөрэнээччилэриттэн уопсайа 517 оҕо кыттыыны ылбыта. Онтон биир оҕобут, Өҥөлдьө орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Иванова Алгыстаана, 7-8 кылаастар ортолоругар III Үрдэли ылары ситистэ.
Алгыстаананы бу үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит уонна төрөөбүт тылын өрө тута сылдьан, салгыы сайдарыгар баҕарабыт!
Алгыстаана бу Дьыктааҥҥа онус сорудахха айбыт өйтөн суруйуутун эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
«Элбэх тылы билии – сайдыы төрдө», – диэн этии өйдөбүлэ олус чэпчэки. Киһи хас да тылы билэр буоллаҕына, элбэх дьону кытта кэпсэтэр кыахтаах. Киһи атын дьону кытта санаатын ырытар буоллаҕына — сайдар. Ол курдук, элбэх дьону кытта билсэр буоллаҕына, элбэх билиилэнэр. Төһөнөн элбэх билиилэнэр, соччонон ѳйѳ-санаата улаатар, кэҥиир уонна сайдар.
Биһиги билигин аныгы үйэҕэ олоробут. Үөрэхпит сайдан иһэр, омук тылын үөрэтии олус чэпчээтэ. Араас оскуолалар, интернет, репетитордар, атын источниктар киһиэхэ улахан көмө буолаллар. Киһи бу кыаҕы сөпкө туттар буоллаҕына, олус түргэнник сайдыан сөп. Элбэх тылы билэр үчүгэй, наадалаах да буоллар, төрүт тылбытын умнуо суохтаахпыт. Хаһан да, ханна да сылдьар, олорор буоллаххына, син биир ийэ тылгын билиэхтээххин, кининэн киэн туттуохтааххын».
Методическай холбоһук.