Бэҕэһээ, кулун тутар 4 күнүгэр, Аан дойдуга Айылҕа күнүгэр аналлаах «Саха-айылҕа оҕото» диэн тэрээһин буолан ааста.
Манна 6, 7, 8 кылаас оҕолоро, барыта 29 оҕо кыттыыны ылла. Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан туһунан, Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэрин, ураты харыстанар сирдэрин туһунан кэпсээтим. Бэйэм сылдьыбыт экспедициям уонна «Сардаана» экотур лааҕыр туһунан оҕолорго сырдаттым.
Боппуруостарга эппиэттээн, сэргэхсийэн, хаартыскаларга убайдарын, эдьиийдэрин көрөн үөрэн тарҕастылар.
Маар бибилэтиэкэтэ, Самсонова В.