Кулун тутар 8 күнэ — сырдык, кэрэ бырааһынньык сандал саас саҕаланыытын, күн уһуурун, айылҕа сэргэхсийэрин кытта сөп түбэһэр ураты суолталаах. Сир үрдүгэр таптал, кэрэ иэйии дьахтары кытта дьүөрэлии. Дьахтар орто дойдуга или-эйэни саҕар, үтүөнү-кэрэни сайар, уопсастыбаны түмэр, ситимниир.
Кулун тутар 8-9 күннэригэр сааскы сырдык сыдьаайдаах маҥнайгы кэрэ бырааһынньыгынан Аан дойду дьахталларын күнүнэн Чкалов нэһилиэгэр «Кэрэни бэлэхтээн…» диэн бырааһынньыктааҕы култуурунай тэрээһин буолан ааста.
Чкалов төрүт олохтоохторо Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Дьаархантан, Аканаттан ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэлэн тэрээһини киэргэттилэр. Олохтоох бибилэтиэкэҕэ «Через книгу к добру и свету» кинигэ быыстапката турда, минньигэс астаах остуол тула олорон көрдөөх-нардаах бириистээх биктэриинэлэргэ оонньоотулар. Иккис күнүгэр сааскы ылааҥы күн сибиэһэй салгыҥҥа айылҕаҕа сынньана-дуоһуйа сырыттылар, Экчээн күөлүгэр бултка уһуйан, андаатар бултааһыныгар маастар-кылаас ыытылынна.
Андрей Владимирович Игнатьев салайааччылаах «Саха сүөһүтэ» хааһына тэрилтэтин үлэһиттэрэ кэрэ аҥардарга тюльпан сибэкки дьөрбөтө уонна минньигэс торт бэлэх ууннулар, саха сүөһүтүн көрдөрөн экскурсиялаттылар.
Мэлдьи бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн олохтоохтор баҕа санааларын эттилэр.
Г. Баснаева.