Саха норуотун инники олоҕун-дьаһаҕын өтө көрөн, уларыйыылар киирээһиннэригэр тус санаатын этэн, суруйан хаалларбыт Алексей Кулаковский-Өксөкүлээх Өлөксөй быйыл төрөөбүтэ 147 сыла. Кини бу орто дойдуга 49 сыл олорбута: 1877 сыл кулун тутар 16 күнүттэн 1926 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр диэри.
Ыам ыйын 27 күнүгэр 2022 сылга Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар «Алексей Елисеевич Кулаковский — духовный лидер Якутии» диэн Өксөкүлээх 145 сылыгар аналлаах улахан научнай симпозиумҥа саханы улуу омук дэтэрэр саргылаах санаанан салайтаран үлэлии-хамсыы сылдьар үрдүк салалтабыт, норуоппүт өркөн өйдөөхтөрө түмсүбүттэрэ. Бу симпозиум түмүгүнэн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев уурааҕынан «Саха сиригэр 2023-2027 сыллары Өксөкүлээх Өлөксөй сылларынан» биллэриллибитэ. Сахабыт сирин үрдүнэн ӨКСӨКҮЛЭЭХ СЫЛЛАРА хамсааһын иккис сылыгар үктэннибит.
Киин бибилэтиэкэҕэ кулун тутар ыйга Өксөкүлээх Өлөксөйгө түөрт араас тэрээһин былаан быһыытынан ыытыллар. Ый саҕаланыытыттан олохтоох араадьыйаҕа «Кинигэ кэрэ эйгэтэ» сыһыарыыбытыгар «Кулаковскай өрүү тыыннаах» биэриилэрбит саҕаламмыттара.
Бүгүн кулун тутар 12 күнүгэр «Кулаковскай уонна Ньурба» тэрээһиммит сыала-соруга: «Үс Кут – Үс Сэргэ» Сахабыт сирин үс улууһугар — Чурапчы Арыылааҕар, Үөһээ Бүлүү Онхойугар, Өймөкөөн Томторугар Өксөкүлээх Өлөксөй араас сылларга туруортаабыт ытык сэргэлэрин туһунан билии. Манна киһи кэрэхсиирэ Үөһээ Бүлүү Онхойугар баар үс сэргэ А. Е. Кулаковскай оччолорго Марха улууһа дэнэр кэммитигэр Ньурба сиригэр туруорбут эбит. Кэлин кыраныыссалаһыы түмүгүнэн сэргэлэр турбут Аһыкай сайылык Үөһээ Бүлүү сирэ буолбут.
Тэрээһиммитин Саха норуодунай артыыһа Борис Борисов Алексей Кулаковскай «Орто олук» уонна «Былыргылыы» алгыстарын толоруутунан саҕалаата. Дьэ ол кэннэ, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Пудовна Николаева уонна Норуоттар доҕордоһуулара түмэл билим-чинчийэр салаатын салайааччы Борисов Борис Борисович — Байан Түһүнэй Аһыкай сайылыгар төрүттээх Кривогорнициннар аҕа уустарыттан саҕалаан Өксөкүлээх бу алааска сырыытын, сэргэ туруоруутун, ол алаас, сэргэлэр билиҥҥи туруктарын олус дириҥник, өйдөмтүөтүк барыбытыгар тириэртилэр.
Мария Пудовна олус дьоһун саҥа бэчээттэммит «ҮӨДЭЙ» кинигэтин бэлэх уунна. Кырдьык, дьоһун үлэ, дьоһун кинигэ. Кэпсэтиигэ ытык кырдьаҕаспыт, сир түннүгэ Уйбаан Ылдьыыс Николаев Аканаттан төрүттээх чинчийээччи учуонай биир дойдулаахпыт Е. С. Сидоров А. Е. Кулаковскай «Ойуун түүлэ» айымньытын нууччалыы тылбаастаабытын, бу айымньы нөҥүө үлэлэрин санатта, инники үлэ былааныгар эбии толкуй биэрдэ. Бигэ Өрүкүй Бааһынай уола Өксөкүлээх чөл олох туһугар үлэлээбититтэн сиэттэрэн биһиэхэ суох «ЧОТ-Чурапчинское Общество Трезвости» үлэтин булан көмөлөһүөх буолан үөртэ. «Өксөкүлээх уонна Ньурба» тэрээһиммитин Борис Иванович Борисов Алексей Кулаковскай «Бүлүүлүү оһуокайынан» түмүктээбитэ тэрийээччилэри, мустубут дьону-сэргэни олус үөртэ, астыннарда!
Бүгүн Өксөкүлээх Өлөксөй тула биһигиниин бииргэ буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр, хас биирдиигитигэр махтанабыт!
Бу балтараа сүүс сыл устата Өксөкүлээх Өлөксөй албан аата аччыахтааҕар өссө ордук киэҥ аартыктарынан иһиллэ дуораһыйа турар, туруоҕа да өрүүтүн бу орто дойдуга олох салҕанарын тухары!
Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата