Кулун тутар 13 күнүгэр Ньурба куоракка «Чолбон” сурунааал эрэдээксийэтин бас-көс үлэһиттэрэ ыалдьыттаатылар.
1. Андросов Гаврил Гаврильевич «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, СӨ култууратын уонна бэчээтин туйгуна, СӨ «Норуоттарга эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин» бочуот бэлиэлээх, Казахастан Евразиятааҕы университетын «Лев Гумилев» мэтээллээх, «Наш современник» сурунаал Ю. Кузнецов аатынан бириэмийэ лауреата, «Золотой Витязь» норуот икки ардыларынааҕы 21-с форум дипломана, Намжил Нимбуев аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы 2-с поэзия турнирын призера, поэт, публицист, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи.
2. Пaвлова Tyяpa Степановна, «Чолбон» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ суруйааччыларын Сойууһун В. В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан бэлиэ хаһаайката, суруналыыс.
3. Шадринова Ангелина Николаевна — Суоһааны, «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтин сүбэтин чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын, Россия суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Н. А. Кондаков аатынан Ил Дархан бириэмийэтин лауреата, поэт, прозаик, суруналыыс.
Кинилэр сахалыы ааҕыы тэнийэрин туһугар үлэлии-хамсыы Саха сирин бары улуустарын кэрийэ сылдьаллар. Бу сылга биэс улуус кэннэ биһиэхэ Ньурбаҕа алтыс улууһунан кэллилэр.
Сарсыардаттан Ньурба улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Семеновна Петрованы, дьаһалта үлэтин сүрүннүүр сулууспатын салайар Ольга Ивановна Афанасьеваны кытта көрүстүлэр. Онтон тута , А. Н. Чусовской аатынан техническай лицейгэ тиийэн икки кылаас үөрэнээччилэринээн сахабыт тылын тула бэрт хорутуулаах кэпсэтиини таһаардылар.
Күнүс 14 чаастан бибилэтиэкиэҕэ Чолбон сурунаал бырайыагынан «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» ыытылынна. Бу күрэх Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар ананан, өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан, саха литературатын ордук билэр, сахалыы ааҕарын таптыыр ыалы булан таһаарар сыаллаах буола турар.
Ньурба улууһугар барыта 8 дьиэ кэргэн хамаанда туруоран кэлэн кытыннылар: Тимофеевтар (Октябрьскай нэһилиэк), Яковлевтар (Мэгэдьэк нэһилиэгэ), Николаевтар (Акана нэһилиэгэ), Симаковтар (Дьаархан нэһилиэгэ), Васильевтар (Хаҥалас нэһилиэгэ), Тобоновтар (Ньурба куорат), Тогоноховтар (Октябрьскай нэһилиэк), Андреевтар (Дьиикимдэ нэһилиэгэ).
Күрэхтэһии 4 түһүмэҕинэн тургутук ньыматынан бэрт сэргэхтик ыытылынна: бастакы түһүмэх «Саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччилэрэ», иккис түһүмэх «Бастакы норуодунай суруйааччылар», үһүс түһүмэх «Сэрии сылларыгар саха литературата», төрдүс түһүмэх «Аныгы кэм литературата».
Оонньууга орто уонна үрдүкү кылаастарга үөрэнэр оҕолор төрөппүттэрин уонна эбэлэрин, эһэлэрин кытта, ол эбэтэр үс көлүөнэ, араас кэрдиис кэмҥэ суруллубут айымньылары, суруйааччылар олохторун туһунан билиилэрин бэрэбиэркэлэннилэр. Хас биирдии түһүмэх бүппүтүн кэннэ ыытааччы, “Чолбон” сурунаал эппиэтинэстээх сэкирэтээрэ, суруналыыс Туйаара Степановна Павлова тутатына эппиэттэри көрдөрөрүн уонна кыттааччылары кытта ырытыһарын бары сэргээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Гаврил Гаврильевич Андросов уонна Ангелина Николаевна Шадринова — Суоһааны бэйэлэрэ үлэлииллэр, тутатына бэрэбиэркэлээн, хамаандалар уопсай түмүктэрин таһааран иһэллэр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан Дьиикимдэ нэһилиэгиттэн Андреевтар дьиэ кэргэн, иккис миэстэҕэ Антоновкаттан Тимофеевтар дьиэ кэргэн, үһүс миэстэҕэ Мэҥэдьэктэн Яковлевтар дьиэ кэргэн таҕыстылар. Кыттааччылар бары туоһу суругунан, кыайыылаахтар Добун суругунан бэлиэтэннилэр. Кыайыылаах дьиэ кэргэн иккис түһүмэххэ тахсыбытын быһыытынан Дьокуускай куоракка атын улуус кыайыылаахтарын кытта Ньурба улууһун аатыттан кыттыыны ылар кыахтаннылар. Онно кыайыылаах тахсыбыт дьиэ кэргэн Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа. Андреевтарга салҕыы ситиһиини, кыайыыны баҕарабыт.
Бу күрэх биир ирдэбилэ «Чолбон» сурунаалга анаммыт быыстапка буолар. Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата уонна оҕо-ыччат бибилэтикэтэ методист И. И. Павлова идиэйэтинэн туруорбут быыстапкабыт 6 улуус быыстапкаларыттан саамай үрдүк баалынан сыаналанна.
«Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» салҕыы Үөһээ-Бүлүү сиригэр айаннаата.
Бу күрэххэ ааҕааччыларын бэлэмнээн киллэрбит, бэйэлэринэн кыттыспыт нэһилиэктэринэн үлэлиир биир идэлээхтэрбитигэр, Ньурба куорат аатыттан кыттыбыт Тобоновтар дьиэ кэргэттэригэр (сирдьит бибилэтиэкэрдэрэ Рея Петровна Васильева), «Чолбон» үлэтин сэргээн кэлэн истистибит, кыттааччыларга, ыалдьыбыт ааҕааччыларбытыгар, Ньурбатааҕы техникум студеннарыгар (сал. Маччанов С. Е.) улаханнык махтанабыт!
Кыайыылаах хамаандалар «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» туһунан санааларын бу сигэнэн киирэн көрүҥ: https://youtu.be/PkOjWa1OuXM
Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.