Бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр — А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй орто дойдуга кэлбит күнүгэр, Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин иһинэн үлэлиир «Ньурба уоттара» айар куттаахтар түмсүүлэрин талба талааннааҕа Хорулаттан Кононова В. Д. — Хорула Балбаара Өксөкүлээх Өлөксөй » Саха интеллигенциятыгар суруга» үлэтигэр анаарыытын билсиҥ.
А. Е. Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар суругун” бүгүн хайдах көрөбүнүй?
Сахам сирэ. Төрөөбүт төрүт дойдум. Хас биир киһиэхэ төрөппүт ийэтэ, аҕата, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, доҕотторо, төрөөбүт дьиэтэ күндүлэр. Ол тэҥэ буоллаҕа төрөөбүт дойдуга таптал. Ыраах сиринэн тэлэһийэн бардахха бары да дьиэбитин ахтабыт. Бу Саха сирин бултаах-алтаах киҥкиниир киэҥ аар тайҕалаах, халлааҥҥа харбаһар очуос таас хайалардаах, сааһын хаар уута ууллан киирэн үллэ-түллэ сүүрүгүрэр от үрэхтэрдээх, күөгэлдьийэ долгуннурар, мөлбөһүйэ устар араас балыгынан баай өрүстэрдээх, көмүс хатырыктаах собо көҥүлүнэн үөскүүр күөллэрдээх, хороҕор муостаах хорҕойор күөх быйаҥ алаастардаах, сыспай сиэллээх сырыыргыыр сыһыылардаах киэҥ нэлэмэниттэн чопчу биир эрэ сиргэ- биһикпитин ыйаабыт, кииммит түспүт дойдутугар тардыһабыт. Оттон сахабыт чулуу уолаттара П.А. Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Барахов, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй бүтүн норуот туһугар олохторун анаабыттара. Саха сирин саргыта салалларын туһугар өйдөрүн-санааларын түмэн, дьаныһан туран дьүккүөрдээхтик дьулуспут үлэлэрэ үтүө түмүктэммитэ, ол эрээри, хомойуох иһин ол эрээри диибин, Ойуунускайдаах, Саха сирин Автономиятын төрүттээбит дьоммут, репрессияҕа түбэспиттэрэ… Өксөкүлээх да, эрдэ 1926 сылга өлөн куоппатаҕа буоллар, репрессияҕа түбэһиэ этэ. Ойуунускайдаах, Өксөкүлээх сүрэхтэрэ төлөннүрэ умайан, куттуун-сүрдүүн бүтүннүү төрөөбүт норуоттарыгар, дойдуларыгар анаабыт, санаабыт санаалара, толкуйдаабыт толкуйдара, үлэлээбит үлэлэрэ үйэни уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ сөп түбэһэллэр, норуот олоҕун суолун ыйаллар. Сахабыт саарыннара үлэлээбит үлэлэрэ баарын тухары, саха омук баарбыт тухары, кинилэр сырдык ааттарыгар хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит. Билиҥҥи салайааччылар да ортолоругар кинилэр курдук эркээйи буолар киһи баарыгар саарбахтыыбын… Аҕыйах киһи норуотун туһугар үлэлиирэ эбитэ дуу? Баар да буоллахтарына ахсааннаахтар. Үксүбүт бэйэбит эрэ туспутугар олоробут, оҕолорбутун улаатыннараары үлэлиибит-хамсыыбыт.
А.Е. Кулаковскай быйыл 110 сыла туолар “Саха интеллигенциятыгар суругун” бүгүн хайдах көрөбүнүй?» Кини бу «Суругун» 1912 сыллаахха, ыраахтааҕы Романовтар династияларын 300 сыллаах үбүлүөйдэригэр аналлаах, Дьокуускайга буолбут сахалар съезтэригэр этээри суруйбут. Ол эрээри ыраахтааҕы былааһын хайгыыр этиилэри истэн, кэлэйэн тылын эппэккэ тахсан барбыт.
«Саха интеллигенциятыгар» сурук киирии тылтан уонна сэттэ түһүмэхтэн турар:
- Сири туһаныы.
Сири хайдах туһаныахха сүбэтигэр бастакынан сүөһү мэччирэҥэ уонна оттуур ходуһа туһунан турар. Мэччирэҥнээх, оттуур ходуһалаах эрэ буоллахпытына хороҕор муостааҕы хото үөскэтэбит. Оттуур сир, мэччирэҥ суох буоллаҕына хайдах даҕаны сүөһү ииттибэппит. Дулҕа, ньирэй өттүгэ, күөлү түһэрии, от саппааһа тиһигэ быстыбатын туһугар үлэ, чөҥөчөгү ыраастааһын, үрэхтэргэ быһыттары оҥоруу өртөөһүн туһунан суруйбута- бу балары билигин да сылтан сыл ахсын көрсөбүт. «Туох баар күүһүнэн өртөөһүнү утарыахха, «- диэбитэ ордук сытыытык турар быһаарыллыахтаах уустук ыйытык, кыһалҕа буолла. Сыыһа өртөөһүн түмүгэр сайын аайы баһаардар тураллар, сайыммыт үтүөтүн буруо быыһыгар атаарабыт.
Өксөкүлээх үйэни уҥуордаабыт сүбэлэрэ билигин да тыа олоҕор бастакынан тураллар. - Сири оҥоруу.
Сири ноһуомунан, атын үүнээйини олордон уоҕурдуу, бурдугу үүннэрии, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар тэриллэри тупсарыы(булуук, сиэйэлкэ, бурдук сынньар массыына, от охсордор, миэлиҥсэлэр) , хортуоппуйу үлэтэ аҕыйаҕынан(ороо, үт да сиэ) бурдук ыһыытын олохтообут курдук күһэйии, атын оҕуруот астарын оскуолаларга олорторуу туһунан суруйбут. Сэрии иннинэ биһиги Хорулабытыгар «Өктөөп төлөнө» колхозка бурдук үрдүк үүнүүтүн ыланнар икки сыл субуруччу ВДНХҕа кыттыбыттара. Сэрии кэмигэр бурдук, оҕуруот аһа олордор буолан бу колхозка биир да киһи аччыктаан өлбөтөҕө.Билигин бурдугу үүннэрбэппит, бэлэм кэлии бурдугунан астанабыт. Хортуосканы, оҕуруот аһын арааһын хото олордунабыт. Бэйэ аһа элбэх буоллаҕына, маҕаһыынтан атыылаһар аҕыйыыр. Өксөкүлээх былыр аас-туор аччык кэмнэргэ аһы дэлэтэргэ сөптөөх да этиилэри киллэртээбит эбит.
3 . Балык туһунан.
«Научные труды» кинигэтигэр Саха сиригэр балык түөрт уон түөрт аата баарын булан, хомуйан киллэрбитэ кини булт, балык баар буолан саха тыына быстыбакка тиийэн кэлбитин дьэҥкэтик өйдүүрүн туоһулуур.
Инникитин даҕаны балык саха олоҕор оруола сүтүө суоҕар баҕарар.
Ол иһин балык ыыр кэмигэр бултууру бобуохха, балыгы сөптөөх усулуобуйа тэрийэн иитиэххэ, бөдөҥ эрэ балыктаах күөллэргэ муҥхалыахха, куйуурдуурга элбэх ойбон тэһиллэн күөл бүтэйэ тоҥор, онон куйууру бобуохха диэн суруйбута, баары барытын эһэр курдук бултаабакка, харыстаан, сиэри-туому тутуһан бултуурга ыҥырбыт диэн көрөбүн. Балыгы харыстаан бултуубут, өссө эмтэнэбит. Үйэ сайдан аан ситиминэн сүбэлэри ыыталлар,онтон эйгэ ситимиттэн бу буллум :
-мультиваркаҕа лууктаан, туустаан, тумалаан уҥуоҕа барыта ууллуор диэри өр буһараҕын. Манныкка киһи уҥуоҕа олус түргэнник тупсар, тыҥырах бөҕөргүүр эбит.
Собо сиэтигит да, үөһүн тоҥорон мунньан иһиҥ:
- күөмэй ыарыйдаҕына сайҕаныҥ;
- 1/1 порцияҕа үрдүгэр водка кутан иҥиир хоҥуннаҕына, бүлгүрүйүүгэ, быһа түһүүгэ, ыалдьыбыт тиискэ туттуҥ.
Бүгүҥҥү саха балык туһатын үчүгэйдик өйдүүр уонна өссө балык үөһүнэн эмтэнэр буолбут. Балыкка аналлаах араас сокуон таҕыста, онон Алексей Елисеевич этиитэ бүгүҥҥү да күммүтүгэр олоххо улахан суолталаах.4. Сүөһү иитиитэ.
Былыр саха ыарахан аас-туор олоххо, тиийиммэт-түгэммэт кэмнэргэ ынах ииттэр эрэ буолан быста сыһа-сыһа салҕанан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан тыынын харыһынар этэ.
Алексей Елисеевич улахан болҕомтону саха сүөһүтүгэр ууруохха наадатын , хотугу тыйыс тымныыны тулуйар боруодалары аҕалтыыры, боруода тупсарыытын, олору көрөр общиналары тэрийиини саҕалыырга тыл көтөхпүт. Кини бу суруйарын саҕана дьон барыта кэтэх бас билэр сүөһүлээҕэ.
Дьэ, кини эппит общиналара, колхозтара, революция кэнниттэн, кини бэйэтэ тыыннааҕар, тэриллибитэ, эппит этиитэ олоххо киирэрин көрбүт буолуохтаах. Сайыҥҥы куйаастан, үөнтэн-көйүүртэн саһар хахха, кыһыҥҥы далларга тыалтан саһар гына, хотону киэҥ-куоҥ, сиик тардардаах тутуохха, сүөһү аһылыгын тупсарыы, тууһу туттуу ыарыыны тулуйумтуо оҥорорун туһунан этиилэрэ билигин син биир
тоҕоостоохтор.» Хайаан да арыылааһын, мыыла оргутуутун, сыыры, иэдьэгэйи уонна үрүмэни астааһыны ырытыахха наада,»- диэбитэ, билигин тыаларга кытары бэйэбит үрүҥ аһы оҥорон атыылыыр маҕаһыыннаахпыт. Биһиэхэ аҕыйах сылтан бэттэх аһыллыбыта. Өксөкүлээх эппитин
кэннэ сүүс сылтан тахсан баран үлэҕэ киирбит. Билигин үйэ сайдан кэлии аһылыгы ас буорту буолбатын туһугар араас химикаттарынан сотоллор, тутталлар. Бу барыта киһи туругун, этин-сиинин айгыратар. Онон кэлии аһылык буортулааҕын билэбит. Бэйэбит төрүт аспытын аһаатахпытына эрэ чэгиэн-чэбдик буолуохпут. Анатолий Чемчоев үс төгүл рак ыарыыга ыалдьыбытын, саха ынаҕын үүтүнэн эмтэнэн үтүөрбүтүн бэйэтэ киэҥ эйгэҕэ кэпсиир. Ону баара ынах-сүөһү көрүүтэ бэрт диэн эдэр ыччат сүөһү ииттибэт, саастаах эрэ өртө ынахтаах. Арай СПК быт быста сыстар да син салҕанар. Биһиги нэһилиэккэ сүүстүү сүөһү турар икки улахан хотонноохпут «Эрчим» уонна СПК киэннэрэ.
Онтон сылгы иитиитигэр атын сиртэн аҕалар боруоданы утарар эбит:» Төһө да көстүүлэрэ төрөл, сүүрбүт-көппүт, кыраһыабай буоллаллар, талымастар, тулуурдара суох….Саха боруодата бэйэтэ да бары өттүнэн уһулуччу үчүгэй, биһиги климаппытыгар итинтэн ордук боруода көстүө суоҕа,»-
диэбит. Кымыс туһалааҕын суруйар, кырдьык кымыс эмтээҕин
бары билэбит эрээри билигин бэрт аҕыйах сиргэ биэни ыыллар. Сибиинньэни, кууруссаны ииттиэххэ, биэс ветеринар Дьокуускай уокуругар анаммытын суруйан туран ветеринардары элбэтиэххэ диир. Саппаас окко 300 тиэйии от
киирэр сарайын тутуохха , 15
солкуобайтан 50 солкуобайга тиийиэн сөп, аһаҕас халлааҥҥа турар от 50% буорту буолар диэн суоттаан көрдөрбүт.
- Оскуола уонна общественнай олох.
Оскуола ахсаана аҕыйаҕын , программалара олоххо сыһыана суох туспатын, начаалынай уонна церковнай-приходской оскуола буортулааҕын, быччыҥ үлэтиттэн тэйитэрин бэлиэтээбит. Оскуолаларга сахалыы суругу-бичиги киллэриэххэ, ремесленнай оскуолалары аһыахха диэн тыл көтөхпүт. Интеллигенция саха литературатын үөскэтэр соругу ылыныахтааҕын, бастакы хардыынан нууччалыыттан сахалыы тылбаас буолуохтааҕын ыйбыт.»Сахалар олохторун уйгутун
тупсарарга кинилэр культураларын
таһымын булгуччу үрдэтиэххэ, оттон бэйэлэрин олоҕу уонна олох
көстүүлэрин өйдүүр дьоҕурдарын оҥоруохха наада,»- диэн хаарты,
арыгы өттүгэр санаатын эппит.Сайдыыта суох киһи харчыны сатаан туттубатын, харчыланнаҕына арыгыга, хаартыга бүтэрэрин көрбүт. Онон сахаларга кредит аһар сэрэхтээҕин, ходуһа сирин элбэҕи биэрэр( харчыга ымсыыран баайдарга түүлэһэн иэскэ киириэхтэрэ) сатамматын суруйбут. Сүүс уон сыл ааспытын кэннэ билигин оскуолалар олоххо сыһыаннаах программанан үлэлииллэр, үөрэнээччилэри сөптөөх хайысхаҕа, ремесло да өттүгэр сирдииллэр. Саха үөрэхтэнэн культурата үрдээбит, олоҕу уонна олох көстүүлэрин сөпкө өйдүүр. Кредиты сатаан туһанар. Ходуһаны төһө сүөһүлээҕинэн көрөн ылар, оттуур. Арыгы, хаарты баарынан баар, ол эрэн аҕыйах киһи онно умньанар. Нууччалыыттан сахалыы тылбаас сайдыбыт. 6 .Экономическай балаһыанньа уонна предприятиелар.
Экономиканы үчүгэйдик билэрин бу
салааҕа көрөбүт: сүөһү боруодатын тупсарарга булгуччу ферма баар буолуохтааҕын, оҕуруот аһыгар ыскылаат тутары, араас идэлэри сайыннарыыны, сүөһү, сылгы тириитинэн иистэнэри, туойтан иһити (керамиканы), тимиринэн уһаныыны, үүттэн, эттэн астары атыылыыры, маһы уһаарыыны- барытын суоттаан, учуоттаан, бырыһыаннаан көрдөрбүтэ төрөөбүт норуотун олоҕун чэпчэтиигэ кыһаллара, экономист билиитэ билиилээҕэ көстүбүт. - Дохуот төрүттэрэ.
Манна балыгы бултуурга төһө киһиэхэ төһө ороскуот барарын, төһөнү бултаатаҕына төһө барыыс киирэрин суоттаабыт. Балык атыытын харчытыгар чэйи атыылаһан аҕалыы дохуот киллэриэҕин эппит. Япония, Охотскай, Америка сыаналарын тэҥнээн көрбүт. Уопсастыбалары, артыаллары, хамыыһыйалары тэрийэргэ, хайдах тэриннэххэ, хантан харчыны киллэриэххэ сөбүн, спонсорствону барыллаабыта барыта кэлин олоххо киирбиттэрэ, билигин да араас фондалар, түһээннэр, ыстарааптар үлэҕэ киирэ тураллар. Улуу киһибит бөлүһүөктүү толкуйдаах буолан буолуохтаах олоҕу өтө көрбүт, билиҥҥи олоххо толору сыһыаннаах этиилэри киллэрбит.
Алексей Елисеевич Кулаковскай 1912 сыллаахха ыам ыйыгар Хачыкаат бөһүөлэгэр баара-суоҕа 35 саастааҕар суруйбут «Интеллигенцияҕа суругун» ааҕан, ырытан баран маннык түмүккэ кэллим. Эдэр киһи диэтэххэ олоҕу толору өйдүүр, сиппит-хоппут толкуйдаах, бүтүн норуот олоҕо сайдарыгар,үөрэхтэнэригэр баҕаран төрөөбүт норуотун олоҕун туох баар барытын тула өттүнэн көрөн ырыппыта кини улахан таһымнаах салайааччы, уустук боппуруостары, кыһалҕалары быһаарар экономист буоларын көрдөрөр. Бүтүн үйэни уҥуордаан туолар, туолбут, өссө да туолуохтаах этиилэри киллэртээбитэ Өксөкүлээх бөлүһүөк буоларын бигэргэтэр.Кини «Интеллигенцияҕа суруга» бүгүҥҥү да күммүтүгэр, кэлэр да көлүөнэ олоҕор улахан сүдү суолталаах. Соҕотох бу да
үлэтинэн кини бэйэтэ:»Пушкин айымньыларынан нуучча олоҕун кууһар,» — диэбитинии, бүгүҥҥү биһиги олохпутун кууһар. Бүтүн төрөөбүт төрүт омугун бу үлэтинэн суолдьут сулус буолан сирдиир.
Балбаара. Хорула 11.02.2022 сыл.