Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев 2023-2027 сс. Саха литэрэтиирэтин төрүттээччитэ, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй биэс сылынан биллэрбитэ.
Кулун тутар 16 күнүгэр «Өксөкүлээх сардаҥата» аахсыйаҕа кыттыһан, Малдьаҕар нэһилиэгин ааҕар балаҕаныгар Ɵксөкүлээх “Ойуун түүлэ” диэн улуу айымньытын кытта билиһиннэрии буолла. Бу айымньы 1910 сыллаахха суруллубута уонна киэҥ хабааннааҕынан, бөлүһүөктүү толкуйунан уонна тыл эгэлгэ сүмэтинэн суруйааччы айымньытын чыпчаалынан буолар. Бу айымньы бэйиэт төрөөбүт норуотун дьылҕатын уонна аныгы аан дойду кыһалҕаларын туһунан дириҥ толкуйун көрдөрөр. СР үтүөлээх учуутала Данилов Николай Дмитриевич «Саха саҥата сатарыы турдун» диэн үлэтигэр туһаммыт суруйууларын кинигэтиттэн бу «Ойуун түүлэ» айымньы туһунан ырытыытын быһа тардан ааҕылынна.
Бу сигэнэн киирэн көрүҥ https://t.me/lib_bysyttah/928.
Иванова Е. Н.