Өксөкүлээх ыйыгар анаммыт биир улахан тэрээһин кулун тутар 22 күнүгэр буолла. ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ «БАЙАНАЙ АЛГЫҺА» айымньыта сахалыы аан маҥнай суругунан ыйыллыбыт уус-уран айымньы буолар.
Өксөкүлээх Өлөксөй маҥнайгы айымньытын тула кэпсэтии истээччилэринэн Ньурба куорат уонна Антоновка оскуолаларын үрдүкү кылааһын уолаттара буоллулар. Саха норуодунай артыыһа Борис Борисов «Байанай алгыһын» толоруутунан саҕаламмыт тэрээһини саха тылын уонна литературатын учуутала Айтилля Анатольевна Тимофеева салҕаата. Олус интириэһинэйдик, өйдөнүмтүөтүк айымньыны ырытта. «Саха литературата алгыһынан саҕаламмыта» диэн этиитэ сүрэҕи үөрдэр. «Ньурба уоттара»түмсүү чилиэнэ, хоһоонньут, байанайдаах булчут Иванов В.П.- Наһаарабыс Балантыын өр кэмҥэ муспут булт тэриллэрин Маартан илдьэ киирэн көрдөрө-көрдөрө кэпсээһинэ күүстээх болҕомтону тарта. Ньурбатааҕы быыһыыр этэрээт байыастара Вальтер Васильев, Антон Тимофеев ыксаллаах быһыыга-майгыга хайдах быыһанан бэйэ да, атын да дьон олоҕун быыһыахха сөбүн кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр.
Кэлбит 30 улаатан эрэр уолаттар А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй бастакы «Байанай алгыһа» айымньытын нөҥүө сахалыы куттара уһуктан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, өрө көтөҕүллэн, астынан тарҕастылар.
Киин бибилэтиэкэ улахан доҕотторбутугар, тэрээһиннэрбитин толорон-ситэрэн биэрэр, өрүү кыттар күндү дьоммутугар махтанабыт!
Ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата