Бүгүн, муус устар 9 күнэ — Шестаков Тимофей Иванович-Чоххуруос үбүлүөйдээх төрөөбүт күнэ.
Кини 1949 сыллаахха Бүлүү куоратыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Үөһээ Бүлүү Намыгар ааспыта. Толору орто үөрэҕи бүтэрэн, электрик уонна суоппар идэлээх.
Айылҕаттан дьоҕурунан баянист, матыыб айаааччы уонна хоһоонньут. Саха Өрөспүүбүлүкэтин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Тимофей Иванович билигин Ньукулай Чуор аатынан Ньурба куорат «Кыталык» култуура дыбарыаһыгар аккомпаниатор-концертмейстерынан үлэлиир. «Ньурба уоттара» литературнай түмсүү саамай хорутуулаахтык айар-суруйар хоһоонньута. Хоһоонноро араас кинигэлэргэ, хомуурунньуктарга киирбитин таһынан «Эдэр саас сүүрүктээх ырыатын тыллара эргиччи эймэнэ сүрэхпэр кутуллар…» уонна «Кыраман ыраах саҕаттан» диэн дьоһун кинигэлэрдээх, хоһоонноро ырыа буолан Саха сирин үрдүнэн көтөр ааптар буолар.
Шестаков Тимофей Иванович — Чоххуруос Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ улахан доҕоро, бэриниилээх ааҕааччыбыт буоларын таһынан ыытыллар араас тэрээһиннэрбит бастыҥ кыттааччыта, байаанын дьикти дорҕооннорунан, хомоҕой хоһооннорунан , ырыаларынан киэргэтээччибит буолар.
Убаастабыллах Тимофей Иванович — хоһоонньут Чоххуруос!
Төрөөбүт күҥҥүнэн, үбүлүөйдээх сылгынан итиитик-истиҥик эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт төрүт тылбыт үйэлэри уҥуордаан тыыннаах хааларын туһугар үлэҕин сыаналыыбыт, биһириибит, киэн туттабыт!Санаабытыҥ сатабыллаах, саҥарбытыҥ тыыннаах, эппитиҥ этитиилээх, туойбутуҥ туоналаах, туппутуҥ тутаахтаах, иилбитиҥ иччилээх буоллун диэн баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт!
Ф. Г. Сафронов аатынан Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ.