Муус устар 11 күнүгэр, Үөдэй нэһилиэгин “Дьуукула” күөлүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүн чэрчитинэн «Куйуур» күрэҕэ ыытылынна. Өбүгэ төрүт дьарыгын тарҕатар сыаллаах күрэххэ түөрт бэрт бэлэмнээх эр дьон кыттыыны ыллылар. Бастакы түһүмэх сорудаҕынан тоҥуу хаарынан хаардаах куулу сүгэн сүүрүү буолла. Иккис түһүмэх түөрэй быраҕыы. Үһүс түһүмэххэ халыҥ мууһу алларан Сергей Корнилов тэҥнээҕин булбата. Күрэхпит төрдүс түһүмэҕинэн куйуурдааһынынан түмүктэннэ.
Уопсай түмүккэ «Бастыҥ куйуурдьут» анал ааты Нюргустан Николаев ылла. Кыайыылаахтарга грамоталарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар. Куйуур кэмигэр Куйуурдьуттары итии чэйинэн, минньигэс миининэн күндүлээтибит.
Наталия Крылова.