МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Улуу Кыайыы 79 сылынан!

Аҕа дойдуну көмүскээн кыайыыны ситиһэргэ Саха сирин буойуттара, саллааттара, тыылга хаалбыт дьоннор күүстэрин-уохтарын, олохторун биэрбиттэрэ. 

Ньурба улууһуттан сэриигэ барыта 2697 киһи ыҥырыллыбыта. Кыргыһыы хонууларыттан 1544 биир дойдулаахтарбыт төннүбэтэхтэрэ… Кинилэр бары дойдуларын туһугар ытык иэстэрин төлөөбүттэрэ.

 Тыылга хаалбыт дьон «Барыта фронт туһугар» диэн ыҥырыынан бэйэлэрин умнан туран үлэ үөһүгэр сылдьыбыттара, аччыктааьыны-хоргуйууну тулуйан, баардарын-суохтарын Ийэ дойдуну көмүскүүр баҕаттан толук биэрэн, син биир кыайыахтаахпыт диэн эрэллээх санаалаах олорбуттара, үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара.

Үйэлэргэ махтал буоллун эһиэхэ, Эйэни аҕалбыт дьоҥҥо!

Кыайыы кʏнэ – бу биhиги бары норуоттарбытыгар дьиҥ чахчы барыларыгар чугас, истиҥ бырааhынньыкпыт буолар.

Кыайыы кʏнэ – бу курус сыдьаайдаах да буоллар өрүү үөрүүлээх бырааhынньык буолар.

Кыайыы кʏнэ – бу норуоппут историятынан киэн туттуу уонна кэрэ кэскилгэ эрэнии бырааhынньыга буолар.

Ньурба улууһун хомоҕой хоһоонньуттарын хоһооннорун ааҕыҥ, сэргээҥ:

В. К. Ксенофонтов.

Cыллар – куннэр сир урдугэр
Сырсан, ааhан иhиэхтэрэ.
Сана дьоннор, кɵлʏɵнэлэр
Солбуйсуhан кэлиэхтэрэ.
Онно Кыайыы кʏнэ сырдык,
Улууканнаах бырааhынньык
Буолтун курдук буола туруо,
Олох сайдан, ɵссɵ тупсуо.
Дьон аймахха, аан дойдуга,
Сандал кʏннээх сааскыга
Кыайыы кʏнэ куруутун
Кэлтин курдук кэлэ турдун!


Алексей Софронов. Саллаакка.

Советскай эрдээх буойун
Сидьиҥнэри эһиэхтээх,
Эдэр киппэ түөһүнэн
Эрэйи-муҥу тэлиэхтээх.
Тууйар-хаайар мэһэйи
Тулуйуохтаах, туоруохтаах –
Оччоҕо эрэ Ийэ сири,
Көҥүлү, дьолу көмүскүөхтээх.


Алексей Софронов. Мин сүрэҕим.

Сүрэҕим эрэйдээх, сүрэҕим,
Эн туохтан бу курдук долгуйдуҥ?
Адьаһын акаары күтүргүн,
Ыксааҥҥын ыгыллан битийдиҥ.
Дойдуга иккистээн эргийбэт
Дьулааннаах сураҕы иһиттиэҥ,
Доҕорбун, дьоннорбун көрсүбэт
Дьылҕабын, аналбын тосхойдуоҥ?
Өллөххө да биир өлүү –
Үтүөнү оҥорон өлүллүө.
Сүттэххэ да биир сүтүү –
Сүдү иэс төлөнөн сүтүллүө.
Дьон көҥүлүн, дьолун туһугар
Дойдуну көрбөккө умсуллуо,
Кэнчээри кэскилин иннигэр ...
Эргийбэт аартыгы тутуллуо.


Николай Чуор. Кыайыы күнэ.

Сэрии ветерана И. Н. Потаповка.
Күлүмүрдээн үчүгэйиэн. Күн барахсан!
Сандаара сырдаата күөх халлаан,
Улуутуйа суугунууллар тайҕа тыалар –
Ити барыта Эһигини айхаллаан!
Сахабыт Сирин айылҕата уһуктар,
Тоҥ буору тобуланнар ньургуһуннар
тахсаллар,
Мичээрдииллэр кыыс хатыҥнар дьолу
алҕаан, -
Ол барыта Эһигини айхаллаан!
… Ханна эрэ ытык сэргэлэр ытаһаллар,
Хатыҥнардаах алаастарга өтөхтөр өссө
иһийэллэр,
Хаарыаннаах хаан-уруу ыччаттарын
суохтааннар
Хараасталлар саас ылбыт күндү-күбэй
ийэлэр.
Олох уота уостубат өрөгөйүн үллэстэннэр,
Долгуйа чуумпураллар дьоһуннаах
ветераннар,
Кэс тыл этэн, ыччаттарын алҕааннар,
Кинилэргэ кэхтибэт кэрэ кэскили
түстүүллэр.
Хаанынан халыйбыта кинилэр хаарыаннаах
Хаһан да төннүбэт эдэркээн саастара,
Өһөгөйдөөх, хатан тимир тэһииннээх
Өстөөхтөрүн хотон, үлтү сыспыттара.
Бүгүн Эһиэхэ күөх халлаан күлүмүрдүүр,
Аар тайҕаҕыт, Айылҕаҕыт айхаллыыр,
Эдэр ыччат эйэҕэстик мичээрдиир, -
Уруу-аймах барыта Улуу Күнү уруйдуур.


Клара Васильева. Кыайыы күнэ.

Аҕам кыргыс толоонуттан
Тыыннаах ордубатах буоллун?
Ханна эрэ кыраман ыраах
Кини уҥуоҕа хаалбыт буоллун?
Оччоҕо мин олох даҕаны
Төрөөбөтөх буолуом эбит.
Ойор күнтэн ончу даҕаны
Матан хаалыах эбиппин.
Ууга түһэн, уокка саллан,
Улуу Кыайыыны уһансан
Аҕам алааһыгар төннүбүтэ,
Ийэбин кууһан үөрдүбүтэ.
Онон эрэ Кыайыы күнэ
Мин олохпор киирбитэ,
Көҥүлү туойар сүрэхпэр
Күн сырала иҥмитэ.


Клара Васильева. Ветеран аҕабар.

Бириэмэҕэ бэриммэтэх
Биир кэм сэмэй бэйэлээҕиҥ,
Үҥсэргиири билиммэтэх
Үтүө, көнө сүрэхтээҕиҥ.
Дойду хорук тымырын
Сиэхсит илиитэ сыыйара,
Волга көҥүл кытылын
Өһүөн буолан тууйара.
Ол саҕана эн этиҥ
Хорсун буойун аатырбыт,
Ийэ сири сүллэр этиҥ
Сүрэххинэн арчылаабыт.
Олох иһин хаанын тохпут,
Сиргэ эйэни олохсуппут
Ветеран аҕам, кэриэскин
Кыыһыҥ толорон эрэбин.
Билигин эрэ Эйигин
Биһирэмнээн ахтабын,
Эйэ сирэ дьиҥ кэрэтин
Билэн, махтал этэбин.


Гавриил Иванов-Сыыйыскай. Геройга айхал.
Советскай Союз Геройа Н.Н.Чусовскайга.

Сидьиҥ өстөөх киибэһи
Сидьиҥ үөһүн сиидэлээн,
Кыргыһыылаах кырдалтан
Кыайан-хотон кэлбиккэр,
Норуот уола Геройга –
Айхал буоллун эйиэхэ!
Берлини суулларан
Охсууһууга аатыран,
Көҥүл дойду туһугар
Көмүс кылаас уурбуккар,
Норуот уола Геройга –
Айхал буоллун эйиэхэ!
Саха сирин норуота-
Төлөннөрдөөх сүрэҕэр
Бигээн ыыппыт ыччатыҥ-
Эйиигиннэн киэн туттар,
Норуот уола Геройга –
Айхал буоллун эйиэхэ!


Гавриил Иванов-Сыыйыскай. Ийэ дойду иһин!

Сидьиҥ өстөөх сирбитин
Кэрээнэ суох тэбистэ,
Баайа-дуолу ыт курдук
Баламаттык мэлиттэ.
Оҕо-уруу ордубат
Ороспуойун тэрийдэ,
Кэрэ кэскил кэһиллэн
Фашист чиччигэ хаамта.
Хорсун саллаат мустан
Тимир кэккэ хаҥыыр,
Аҕа дойдубут иһин
Өргөс кылаан үүннүн!
Ийэ дойдуттан өстөөх
Урусхал буолан сүттүн,
Өс-саас долгуна түллэн
Өйгө сүрэххэ күүрдүн!

Степан Федотов.

Сэрии тымныы илиитэ,
Көстүбэт дии тарбаҕа,
Тайаммыта сүр ыардык
Нуолдьаҕай мин санныбар.
Былдьаабыта аһыыр аскын,
Көһүйэҕэ турар
Сарсыардааҥҥы күөччэхпин.


Степан Федотов. Сүппэт сүтүк.

Ситэн ааҕылла илик
Симии-сэмээн сулустан
Сурулаан түстүн биир эмэ –
Сураҕырыа: сындыыс, - дэнэн.
Сураҕа эрэ баар өтөх
Сылдьар дии өйго-санааҕа,
Соторунан-өтөрүнэн
Сотуллуо даҕаны суоҕа.
Сүппүт саллаат суохтабыла
Сүрэҕи аалар күн тура,
Күн тура көмүрүө буолан
Күн күүһэ сөҕүрүү турар.
Сөҕүрүүр сүһүөх тэтимэ,
Сүрэх эмиэ мөлтүүр, ахсыыр ...
Арай
Сүппүт
ол сүтүк
Сүппэттик.
Сүрэҕи аалар,
Сүрэҕи кымыстыыр ...


Кононова Варвара Даниловна –Хорула Балбаара.

Эр хоһуун – Эр бэрдэ.
Эрэл, эркин боотур буолаҥҥын,
Эйэ, көҥүл олох туһугар
Ийэ дойдуҥ уолун ыҥырда,
Ийэҥ, дьонуҥ алгыс анаата.
Айыыһытыҥ аҕыс сиринэн
Арыаллаатын тула харыстаан,
Иэйиэхситиҥ тоҕус дойдунан
Эҥээрдэстин, этэҥҥэ төннөөр,
Уолбут, таптыыр дьоҥҥор эргиллээр!
Хахсаат арҕаа тыалтан хаайтарбат,
Халбаҥнаабат дириҥ толкуйдан,
Будулҕантан олох чаҕыйбат,
Булгуруйбат модун санаалан!
Хадаар очуос таастан иҥнибэт,
Халтарыйбат бигэ тирэхтэн,
Сатыылаабыт силлиэ хамсаппат,
Салҕалаабат бөҕө сүһүөхтэн!
Тууйар албас сатаан өһүлбэт,
Тулхадыйбат добун тулуурдан,
Кыһарҕаннаах кэмтэн толлубат,
Кыайар-хотор хорсун майгылан!
Айыыһытыҥ аҕыс сиринэн
Арыаллаатын, тула харыстаан,
Иэйиэхситиҥ тоҕус дойдунан
Эҥээрдэстин, этэҥҥэ төннөөр
Уолбут, таптыыр дьоҥҥор эргиллээр!


Николаева Тамара Ивановна – Сарыада.
Ийэ Алгыһа.

Алаадьыбын буһардым,
Арчылаатым, ааттастым,
Ол ааттаспыт алаадьыбын,
Дьиэм таһыгар тэлгээтим.
Сах сахаттан төрүттээх,
Урааҥхайтан утумнаах,
Таптыыр, ахтар эр киһим
Этэҥҥэ эргиллээр диэн.
Атын урдус саатыттан
Самнан, охтон хаалымаар,
Туора урдус оҕуттан
Туймаарыйан сүтүмээр.
Дьиэҕэр күүтэр кэргэниҥ,
Оҕолоруҥ-урууларыҥ,
Күүтэр ийэҥ барахсан,
Аҕаҥ сэмээр кэтэһэр.
Кэлээр, кыайыы кынаттаах,
Өрөгөй талаан үрдүлээх,
Төннөөр бэйэҥ өтөххөр,
Төннөөр эрэ тыыннаахтыы.
Мин эйигин күнүн аайы
Арчыбынан күрүөлүөҕүм,
Айыыларга ааттал тылын
Ботугураан этиэҕим.
Ийэ сиртэн көрдөһүөҕүм,
Мин киһибин харыстаа диэн.
Күҥҥэ үҥэр аанньалларым,
Көмүскээриҥ киһибин,
Өлүү суолун муннаран,
Хаххалаарыҥ иэдээнтэн.
Ийэ ытыыр сүрэҕинэн
Саҥата суох сөҥүөрэн,
Алаадьылааҥ ааттал тылын,
Айыылартан көрдөһө.


Сельтюкова Алла Руслановна – Айаалла.

Самныбат саргылаах,
Сахабыт Уолана!
Ыгыллан барбакка,
Ыгылыйан ылбакка,
Чинэрийэри билбэккэ
Чиҥ саҥа тирэхтэн диэн,
Быстары санаабат
Бохтору билиммэт,
Хотойдуу кынатыҥ
Хорсуннук көттүн диэн,
Алгыстаах санаабыт
Арчылыы туруохтун!
Эрэлбит эйиэхэ
Эр хоһуун киһиэхэ,
Ийэ Сир туһугар
Эрдээхтик охсуһан,
Эн Дойдуҥ иннигэр
Ил-эйэ уһансыаҥ!