МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Сайыны көрсүү тэрээһин Мэҥэдьэк нэһилиэгэр өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста

Е. Е. Алексеев аатынан «Дьөһөгөй оҕото»  түмэлбит иннигэр мустан, унньуктаах уһун кыһыны туораан, күөх сайыҥҥа үктэммит үөрүүбүтүн, самаан сайыммыт кэлиитин, сүрэҕи сөрүүкэтэр быыппахтаах, алгыстаах арыылаах алаадьылаах, минньигэс да минньигэс саламааттаах бүтүн нэһилиэгинэн бэлиэтээтибит.

Сайыммытын уруйдуу түмэл методиһа Кириллина А. В. алгыс тылынан, аал уоппутун уйгу-быйаҥ дэлэйэрин, саргы салалларын туһугар арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан айах тутан алҕаата, арчылаата. Бүгүн сайыҥҥылыы куйаас сайын сылаас салгынынан саба биэрэн, кэҕэ чоргуйар саҥатынан, кыл кылыһах кырыымпа көмүс дорҕоонунан,  оҕо хатан күлүүтүнэн, оһуордаах оһуокай үҥкүүлээх самаан сайыммытын уруйдаатыбыт.

Ийэ айылҕабыт силигилиир, тупсар, чэчириир кэмэ кэлбитинэн үөрэн – көтөн туран,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан оһуокайдьыта Дмитриева Т. Г., эдэр этээччилэр Васильева А. Е., Федотова С. И., Данилова А. А., Тимофеева А. П. оһуордаах оһуокай тойугу, эрчимнээх эһиэкэй үҥкүүнү оройуттан туттулар. Кэлбит ыалдьыты барыларын алгыстаах алаадьынан, саламааттаах быыппаҕынан күндүлээтилэр.


Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.