Бүгүн Ф. Г. Сафронов аатынан Киин библиотека ааҕар саалатыгар бастакы түһүмэх кыайыылаах хамаандалара: Кииннэммит бухгалтерия, Тутуу управленията, Хонтуруолуур-ааҕар үлэни оҥорор палата сүрүннүүр-түмүктүүр түһүмэххэ муһуннулар.
Кыайыылааҕы быһаарар дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Ньурбатааҕы Кииннэммит библиотека ситимин салайааччыта Анна Витальевна Багмет, солбуйааччыта Лена Анатольевна Саввинова.
Сүрүннүүр-түмүктүүр түһүмэх 12 станциялаах, тус-туһунан сорудахтардаах квест-оонньуу быһыытынан бэрт көхтөөхтүк, олус интириэһинэйдик барда. Бары хамаандалар үөрэ-көтө, түбүктээх үлэлэриттэн сынньанан, эбии билиини хаҥатынан, дуоһуйа астыннылар, өссө да маннык күрэхтэри ыыта туруҥ диэн алҕаатылар.
Күрэхпит түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан Кииннэммит бухгалтерия хамаандата таҕыста, босхо фонограмма устууга сертификатынан, иккис миэстэ — Тутуу управленията омук тылын үөрэтии сертификатынан, үһүс миэстэ — Хонтуруолуур-ааҕар үлэни оҥорор палата хамаандата Ньурба театырын бүгүҥҥү испэктээкэлигэр 3 билиэтинэн наҕараадаланнылар.
“Библиотечнай ГТО” күрэх бары кыттыылаахтарыгар барҕа махтал! Аныгыскы күрэхтэргэ көрсүөххэ диэри!
Киин бибилэтиэкэ