Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө Мэҥэдьэктээҕи народнай тыйаатыр А. А. Данилова сценарийынан «Харысхалым” испэктээх туруорда. Испэктээх Кэскил Баишев “Харысхалым” ырыатын ис хоһоонунан суруллубут, Мэҥэдьэктээҕи народнай театр режиссера Данилова А. бэйэтэ сценарий суруйбут: ““Харысхал” испэктээҕи билигиңңи ыарахан кэмңэ саха итэҕэлэ төһөлөөх күүстээҕин уонна тыыннааҕын биллэрэр, көрдөрөр суолталаах. Ол иһин Харысхал туһунан ити спектакльга тиийбитим. Ону таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо сыла биллэриллибитэн ситимнээн, Софья Ивановна көҕүлээһининэн, туруордубут” – диэн кэпсиир режиссер Алена Андреевна.
Бу испэктээх уратытынан тыыннаах доҕуһуоллаах, ураты муусукалаах буолан биэрдэ. Тыыннаах доҕуһуолу, кыл-кырыымпаҕа оонньоотулар С. Федотова, М. Ксенофонтов, тыас-уус, барабан М. Ксенофонтов ураты көрүүтэ, таҥан таһаарыыта. Дьэ, доҕоттоор, тыыннаах доҕуһуоллаах испэктээх диэн баар эбит — ураты эйгэ, сонун көстүү. Испэктээхпит уота-күөһэ да сатаммыт, киһи астынан, таттаран олорон көрөр дьикти көстүү (Попов Д. А.) Сүрүн оруолларга оонньоотулар Хатыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ: оҕонньор — Семенов Миша, кыра уол – Захаров Алик, уол – Анисимов Дьулустаан, абааһылар – Винокурова Ньургуйаана, Сафонов Виктор, Аан Алахчын Хотун – Яковлева Санаайа, Сир иччилэрэ — Иванова Кэрэчээнэ, Семянова Күннэй, Иванова Дайаана, эбээ – Таня Николаева. Оҕолорбут барахсаттар олус кыһаллан оонньообуттара биллэр, бары да талааннаах оҕолор мунньустан көрөөччүлэргэ сонун испэктээҕи бэлэхтээтилэр. Кэлбит киһи барыта астына-дуоһуйа көрдө, ураты, сонун доҕуһуолу сэргээтэ, оҕолору хайҕаатылар.
Кулууппут эдэр үлэһиттэрэ мунньустан, биир сомоҕо буола түмсэн, сонунтан сонун бырайыактары олоххо киллэрэн иһэллэрэ үөрүүлээх, хайҕаллаах. Кыракый, кытыы да нэһилиэккэ үлэ күөстүү оргуйар, арыллыбатах талааннар, сырдык чаҕылыҥныыр сулустар, сонун сүүрээннэр биһиэхэ, Мэҥэдьэккэ, суолдьут сулус буолан күлүмүрдүү умайаллар.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.