Биһиги айар куттаах дьүөгэбит Алексеева Прасковья Прокопьевна-Мутукча олохтон барбыта балаҕан ыйын 16 күнүгэр үс сылын туолла.
Мутукча оҕолоро Октябрина, Айталина, Лена Архиповналар ийэлэрин ахтан-санаан, кэриэстээн кини айбыт айымньыларын-хомоҕой хоһооннорун, кэрэ кэпсээннэрин хомуйан «Кылыһым кылыгар уйдаран…» кинигэ оҥорон таһааран оройуоннааҕы Ф. Г. Сафронов аатынан Киин библиотекаҕа биһирэмнээтилэр.
Тэрээһини библиотека үлэһитэ Маргарита Романовна Ноева иилээн-саҕалаан ыытта.
Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Алла Сельтюкова-Айаалла хоһоонунан кинигэ биһирэмэ аһылынна.
Мутукчабыт туһунан Маргарита Романовна киһи истэн олоруох курдук наһаа истиҥ ахтыыны оҥордо. Слайдарынан хаартыскалары көрдүбүт, Прасковья Алексеева хоһоонноругар айыллыбыт иэйиилээх ырыалары иһиттибит. Композитордар, мелодистар айбыт матыыптарыгар ырыалара наһаа мелодичнайдар, нарыннар.
Мутукча мичээрдээн олорор хаартыскатын көрдөххүнэ, түөскэр сылаас сүүрээн тарҕанар.
Хайдах эрэ, дьүөгэбит бэйэтэ баарга дылы, кини ыраас кута төһө эрэ үөрдэ!
Мутукча хоһооннорун Ньурбабыт театрыттан бары таптыыр артыыскабыт Майя Слепцова дириҥ иэйиилээхтик аахпыта-айымньы дьиҥ суолтатын, аналын толору тириэртэ дии саныыбын.
Артыыс ааҕыыта — чахчы олох ураты, ол курдук интонацията, куолаһын тембра уларыйыыта, ис кут айманыытын, долгуйуутун, үөрүүтүн-хомолтотун, Айымньы ис дьиҥин биэрэр дьикти дьоҕурдаах.
Бу ураты күн Мутукча бииргэ үөрэммит оҕолорун ахтыылара, кини оһуордаан-ойуулаан, элбэх тимэхтээн тикпит таҥаһын-сахалыы былааччыйатын Галина Романовна кэтэн көрдөрөөһүнэ-иистэнньэҥ иискэ ураты дьоҕурдааҕын, талааннааҕын көрдөрөр. Манна мустубут дьон бары Мутукча айар талаана элбэҕин бэлиэтээтилэр, сорох аймахтара ырыаларын саҥа иһиттилэр, наһаа үөрдүлэр. Балтылара Альбина Прокопьевна Уус Алдантан, Пелагея Прокопьевна
Улан -Удэттэн кэлбиттэрэ наһаа үөрдэр, хайҕаллаах дьыала!
Кыргыттара кинигэлэрин хайдах оҥорбуттарын кэпсээтилэр, Маргаритаҕа махтаналларын туһунан эттилэр, ийэлэрин ахтан долгуйан уйадыйан да ыллылар…
Кырдьаҕас саҥастара Дарья Алексеевна, Паша дьүөгэлэрэ тыл эттилэр, кыһыҥҥы айылҕа дьүһүйүүтүн худуоһунньук дьүөгэтэ хартыынатын бэлэхтээбитэ тэрээһиҥҥэ ураты тыыны биэрдэ.
«Ньурба уоттара» айар-суруйар дьоҕурдаахтар түмсүүлэрэ, биһиги эмиэ Мутукчабыт кинигэтэ тахсыбытынан ис сүрэхтэн үөрэн туран тыл эттибит, дьүөгэбитин истиҥник аҕынныбыт, кыргыттарыгар махтанныбыт, хоһоон аахтыбыт уонна өйдөбүнньүк Ньурба Куочайын, Аар Хатыҥы Гаврил Монастырёв хаартыскаҕа түһэрэн, хартыына оҥорон, рамка кытыытын таастарынан киэргэтиллибит олус уран кэрэ оҥоһуктарын кыргыттарга уонна Пелагея Прокопьевнаҕа бэлэх туттардыбыт.
Ити курдук бииртэн биир эҕэрдэлэр, Мутукчабыт туһунан истиҥ ахтыылар, оҕолорго туһаайан өссө саҥа кинигэ оҥорон таһааралларыгар Ньурба куорат баһылыгын солбуйааччы Мария Константиновна Куличкина бэйэтин баҕа санаатын эттэ,бэлэх кинигэлэри туттартаата.
Киһи төһө да бу олохтон барбытын иһин-кинини саныылларын тухары Тыыннаах!
Кини тыыннаах-айбыт Айымньытыгар, кини тыыннаах-оҥорон хаалларбыт үтүө дьыалатыгар,кини тыыннаах-иистэнэн хаалларбыт сиэдэрэй таҥастарыгар, кини тыыннаах-биһиги сүрэхпитигэр!
Дьүөгэбит Валентина Федотова эппитинии-Мутукча иистэнэн хаалларбыт таҥастарынан өҥнөөх альбом оҥоруохха наада диэбит этиитин өйүүбүн уонна мин бэйэм оҕолорго анаан тус санаабын этэбин-киһи тыыннааҕар эмиэ сыаналаныахтаах,эдьийгит Пелагея Прокопьевна туһунан кинигэтэ суруйуҥ, кинилэр-биһиги кэммит Геройдара буолаллар!
Кэнники үс күҥҥэ Мутукчабын санаан ахтан кини нууччалыы суруйбут хоһоонун тылбаастаан, Пашаҕа, Палашаҕа Анабыл хоһооннору суруйан хайдах эрэ ис-испиттэн сырдаабыкка дылы буоллум.
Библиотекам бары үлэһит кыргыттарыгар Мутукчабыт кинигэтин биһирэмин үрдүк таһымнаахтык тэрийэн истиҥник-иһирэхтик ыыппыккытыгар махтанабыт, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, доруобуйаны, дьолу,этэҥҥэ сылдьыыны баҕарабыт!
Ольга Софронова — СУҺУМ — суруйааччы
Ньурба к.
18.09.24 с