Сахам сирэ-Орто Дойдум!
Айгыр-силик айылҕалаах,
Аламай күн саһарҕалаах.
Чээлэй күөхтүүр алаастардаах,
Чэчик анньар алардардаах.
Сахам сирэ -мин киэн туттуум,
Сахам сирэ – Орто Дойдум!
Үллэр үөстээх киэҥ эбэлээх,
Үйэ устун бэлэхтэрдээх.
Көмүс, алмаас – быйаҥнардаах,
Көҥүл хостуур үгүс баайдаах.
Сахам сирэ – мин киэн туттуум,
Сахам сирэ – Орто Дойдум!
Хоһуун-хоодуот эр санаалаах,
Хотой тэҥэ айдарыылаах,
Албан ааттаах сулустардаах,
Айыы дьоно бастыҥнардаах.
Сахам-сирэ – мин киэн туттуум,
Сахам сирэ – Орто Дойдум!
Кэнчээрилээх ыччаттардаах
Кэскил түстүүр ымыылардаах.
Баҕа санаа ыллыктардаах,
Балысханнык сайдар суоллаах,
Сахам-сирэ – мин киэн туттуум,
Сахам сирэ – Орто Дойдум!
Тохтор тойук көмүскэллээх
Тэйэр дьуохар күрүөлэрдээх,
Алгыһынан кынаттаныаҥ,
Айан-тутан айхалланыаҥ!
Сахам-сирэ – мин киэн туттуум,
Сахам сирэ – Орто Дойдум!
Анна Семёнова - Арылы Кустук
МКУ "Нюрбинская МЦБС"
Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова