Бу күн ытыктабыл уонна аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ ахсаабат болҕомто, истиҥ кыһамньы уурарбытын санатар ытык күн буолар.
Бүгүн Мэҥэдьэктээҕи 11 нүөмэрдээх библиотека доҕотторугар, аҕам саастаах эйэҕэс эбээлэригэр анаан «Көмүс күһүн» диэн брошь оҥорууга маастар кылаас ыытта, 36 кинигэттэн сурунаалтан турар «Старость в радость» быыстапкатын билиһиннэрдэ, итии чэйинэн, минньигэс тордунан күндүлээтэ.
Уопсайа 14 далбар хотун эбээлэр кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Атах тэпсэн олорон ааспыты ахтыһан, истиҥник кэпсэтэн, инникини былааннаан, библиотекарь бэлэмнээбит видеороликтарын, урукку хаартыскаларын көрөн астынан тарҕастылар.
Күндү эбээлэрбит, эһээлэрбит! Эһиги олоххо баай көрүүгүт – үөрүйэххит, санааҕыт күүһэ биһиэхэ куруук холобур буолар. Эһиги дьиэ кэргэҥҥит сылаас истиҥ сыһыаныгар угуттанан, өр сылларга этэҥҥэ олоруҥ! Уһун үйэни, чэгиэн доруобуйаны, дьолу – соргуну!
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк