МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

«Көмүс күһүн алгыһа» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ

Аҕам саастаахтар декадалыгар анаммыт «Көмүс күһүн алгыһа» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ бүгүн Ньурба куорат килбэйэр киинигэр турар «Кыталык» КД буолла.

Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «Ньурба уоттара» айар-суруйар дьоҕурдаах дьоммут түмсүүлэрин урукку уонна бүгүҥҥү айымньылара кэрэтик иһиллэн мустубут дьон кутун тутта. Хомоҕой хоһооннору сэргэ ылбаҕай ырыалар, чахчы биһиги Ньурбабыт талба талааннаах дьонунан баайын итэҕэттилэр. Кэрэ түһүлгэни Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ уонна «Кыталык» КД үлэһиттэрэ олус тэтимнээхтик уонна тиийимтиэтик мустубут дьоҥҥо тиэртилэр.

«Олус да талааннаах дьон аттыбытыгар баар эбит, айар-суруйар тыллара, матыыбтара эчи күүстээҕин!» диэн көрөөччү санаата инники үлэҕэ кынаттыыр.

Аҕам саастаах дьоммут-сэргэбит! Этэҥҥэ чэгиэн сылдьыҥ, сырдык буоллун эрэлгит, кэрэ буоллун тулаҕыт, үтүө буоллун күҥҥүт, диэн баҕа санаабыт бастыҥын куйаар ситимин нөҥүө ыытабыт!

Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.