Бүгүн, алтынньы 9 күнүгэр Мэҥэдьэк олохтоох бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Россия үрдүнэн учуутал күнүгэр аналлаах, Саха сирин үрдүнэн “Оҕо сылыгар” аналлаах оонньуу-күрэх буолла.
Күрэххэ 11 хамаанда тиийэн кэлэн соһутта, долгутта, үөртэ даҕаны. о.э. Н. И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын 1 кылааһыттан саҕалаан 11 кылааһыгар тиийэ оҕолор кылаас салайааччыларын кытта өркөн өй оонньууга эрбии тииһинии кииристилэр.
Оонньуу-күрэх 4 түһүмэхтэн турда, ол курдук, саха сирин историятын, улуустарын, сахалыы итэҕэли, сиэри-туому, үгэстэрин туһунан буолла.
Түмүккэ, 9 кылаас хамаандата Яна Ивановна, Арсентий Ефремовы кытта билиилэринэн, сымсаларынан, булугас өйдөрүнэн муҥутуур кыайыылаах буоллулар. Кинилэртэн кыранан хаалан, 6 кылаас хамаандата Луиза Лазаревна үөрэнээччитиниин Николаев Гришалыын 2 миэстэ буоллулар. 3 бочуоттаах миэстэҕэ 11 кылаас хамаандата Ирина Ивановна Семенов Мишалыын таҕыстылар.
Кэлэн кыттыбыт кылаастарга Добун суруктары уонна сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт. Кэлэн кыттыбыккытыгар махтанабыт, өрүү көхтөөх буоларгытыгар баҕарабыт! Үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиини, табыллыыны, кытаанах доруобуйаны!
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк