Алтынньы 11 күнүгэр Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн Акана нэһилиэгин Аҕам саастаах дьонугар «Сааһырыы эмиэ кэрэлээх» бырааһынньыктааҕы сынньалаҥ киэһэтэ буолан ааста.
Тэрээһиммитин «Акана нэһилиэгэ» МТ баһылыга Ефрем Михайлович Семенов төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытын уҺансыбыт аҕа көлүөнэ дьонугар махтал, эҕэрдэ тылларын этэн туран, үтүө үгэс буолбут быйылгы сылга үбүлүөйдээх дьоҥҥо сэмэй бэлэхтэрин, эҕэрдэ суруктарын туттартаата. НэҺилиэкпит талба талааннаах дьоно «Иэйии» ырыа ансаамбыла, «Дьүрүскэн» фольклорнай бөлөх, олохтоох дьаһалта үлэһитэ норуот тапталлаах ырыаһыта, тойуксута Людмила Жиркова ылбаҕай ырыатынан, ойор- тэбэр оһуохайынан, Николаев В.Н.-Куххата Баһылай аатынан Аканатааҕы бибилэтиэкэ үлэһитэ Сайына Горохова, оскуолабыт үөрэнээччилэрэ ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. М.Н.Петрова-Тойуктаах Марыына аатынан култуура уонна успуорт киинин саҥа, эдэр испэсэлииҺэ Алексей Михайлов тойугунан, норуот ырыатынан, кырыымпаҕа, хомуска сахалыы матыыптары толорон кэлбит ыалдьыттары сөхтөрдө.
Николаев В. Н. — Куххата Баһылай аатынан Аканатааҕы бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Павлова Виктория Лаврентьевна саастаах дьоммут Иванова Агафья Семеновна араас кэмнээх афишаларын, уруу илдьиттэрин, Данилова Татьяна Васильевна быһыллар халандаардарын, Давыдова Марта Иннокентьевна былааттарын уонна уонна урукку кэм значоктарын коллекцияларынан сүрдээх үчүгэй быыстапканы дьон көрүүтүгэр туруорда. БырааҺынньыктааҕы тэрээҺиммит биир улахан үөрүүлээх бэлэҕинэн буолла, ытыктанар биир дойдулаахпыт Николаев Василий Николаевич — Куххата БаҺылай суруйуутугар олоҕурбут «Акана дьоһун дьоно» кинигэтэ оруобуна бу күҥҥэ куораттан тиийэн кэлиитэ. Бу кинигэ тахсарыгар үгүс сыратын уурбут биир дойдулаахпыт, В. Н. Николаев кыра уола Макар Васильевич Николаев буолар. Макар Васильевичка аҕатын ахтыыларын, уус — уран айымньыларын үйэтиппитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Аҕам саастаах күндү дьоммут нэҺилиэкпит тэрилтэлэрэ бэлэмнээбит минньигэс астаах остуолларын тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, оонньууларга кыттыһан сэргэхсийэн тарҕастылар. Онтон биһиги тэрийээччилэр аҕам саастаах дьоммут дойду үрдүнэн уустук кэмҥэ, кыра да бириэмэҕэ аралдьыйан, санаалара көтөҕүллэн барбытыгар астына хааллыбыт.
Аҕам саастаах дьоммутун минньигэс аһынан күндүлээбит, үбүлүөйдьүттэргэ бэлэххэ харчынан кыттыспыт нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр, ылбаҕай ырыаҺыттарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит, үтүө санааҕыт үксүү турдун, баҕа санааҕыт.барҕара турдун диэн алгыс тылларын аныыбыт.
Павлова В. Л.