МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Ньурба ыччата өрүү инники

Бэҕэһээ, сэтинньи 1 күнүгэр, Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтигэр эдэр ыччакка “Мин дойдум — Ньурба” диэн ааттаах өй оонньуута буолан ааста. Бу тэрээһин сыала — соруга: ыччат билиитин хаҥатыы, туһалаах сынньалаҥын тэрийии, библиотекаҕа сылдьалларын ситиһии.
Оонньуубут Ньурбабыт үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт буолан, сорудахтар үгүс өттө тапталлаах төрөөбүт дойдубутугар ананнылар. Ол курдук, улуус устуоруйатыттан, билиҥҥи олоҕуттан, биллиилээх биир дойдулаахтарбыт туһунан араас ыйытыылар бэрилиннилэр.
Оонньууга Ньурбатааҕы техникум, медколледж уонна киэһээҥҥи оскуола хамаандалара кыттаннар, бэйэлэрин билиилэрин көрдөрдүлэр, өссө эбии хаҥаттылар. Ким ордук устуоруйаны, ким ордук музыканы билэрэ ырылыччы көстөн кэллэ. Кыттааччылар сөптөөх эппиэттэрин аайы сүргэлэрэ көтөҕүллэн, бэйэ-бэйэттэн эрчим ылан тэрээһин бэркэ ааста.
Түмүккэ, медколледж устудьуоннара бастаан үөрүүлэрэ үксээтэ. Киэһээҥҥи оскуола уолаттара – иккис, техникум хамаандата – үһүс буоллулар. Бука бары туоһу суругунан, ону таһынан грамотанан, бирииһинэн наҕарадаланнылар. Бу тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыбыт, көрөөччү буолбут Ньурбабыт эдэр эрчимнээх ыччатыгар инникитин да үрдүк ситиһиилэри, олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт. Киэҥ билиилээх, инникигэ эрэллээх испэсэлиистэр буолан үүнэн тахсын.

Ушканова Я. В.