Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Ньурба улууҺун ыччатын салалтатын көҕүлээҺининэн мөлүйүөнүнэн саллаат сырдык тыынын толук ууран ситиспит Улуу кыайыыларын туоһулуур “Кыайыы уота” Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатын мэҥэ уотуттан саҕыллан, «Кыайыы уотун эстафетата» диэн ааттаах патриотическай аахсыйа тэриллэн, Ньурба улууһун хас биирдии нэһилиэктэрин хабар оройуоннай эстафета ыытылла турар.
Сэтинньи ый 11 күнүгэр, “Кыайыы уота” улуустааҕы патриотическай акция биһиги нэҺилиэкпитигэр ыаллыы сытар Хаҥалас нэҺилиэгиттэн тиийэн кэллэ. Кыайыы уотун Хаҥалас нэҺилиэгин баҺылыга Винокуров Серафим Александрович Акана нэһилиэгин баҺылыгын солбуйааччытыгар Васильева Саргылана Васильевнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Бу тэрээһин чэрчитинэн Акана, Хаҥалас нэһилиэктэрин түмэллэрэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, бэтэрээннэрин билиҺиннэрэр альбомнары, истиэндэлэри, Николаев В.Н.-Куххата аатынан Акана бибилэтиэкэтэ кинигэ быыстапкатын туруордулар. Акана, Хаҥалас нэһилиэктэрин ыччаттарын, оскуола улахан сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыгар “Уруйдан, Улуу Кыайыы!” хамаанданан күрэх ыытылынна.
Күрэх икки түһүмэҕинэн барда, ол курдук:
- Бастакы түһүмэх — патриотическай ырыа толоруута;
- Иккис түһүмэх — «Улуу сэрии ыллыктарынан» ток-оонньуу.
Күрэх түмүгүнэн:
— Бастакы үрдэли П. С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын үөрэнээччилэрин «Белый медведь» хамаандата ылла.
— Иккис үрдэли «Дьулуур» Хаҥалас эдэр ыччатын хамаандата.
— ҮҺүс үрдэли Н. И. Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын үөрэнээччилэрин «Эрэл» хамаандата ылла.
Уонна көхтөөх кыттыыны ылла Акана эдэр ыччатын «Кэскил» хамаандата.
Сэтинньи ый 11-20 күннэригэр Акана нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ Кыайыы уотун эстафетатын бэйэ-бэйэлэригэр бэрсэн, араас тэрээҺиннэри, көрсүҺүүлэри ыытыахтара.
Бүгүҥҥү бэлиэ тэрээһиммитигэр көхтөөх кыттыыны ылбыт сэрии кэмин оҕотугар Иванов Егор Ильичка, СВО-тан уоппускаҕа кэлэ сылдьар Николаев Револий Васильевичка, Хаҥалас, Акана дьонугар, кэнчээри ыччатыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Павлова В. Л.