Сэтинньи 14 күнүгэр Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү оҥорор кэлим кииҥҥэ поэт, суруналыыс, суруйааччы Николай Иванович Харитонов — Ньукулай Чуор айымньыларын үйэтитэр сыаллаах, «Хоhоон хомоҕой хонуутунан…» диэн ырыа — хоhоон түhүлгэтэ буолан ааста. Тэрээhини Ньурбатаа5ы кииннэммит библиотека библиотекарэ Ноева Маргарита Романовна иилээн — саҕалаан ыытта. Бу күнү Киин иитиллээччилэрэ уонна үлэhиттэрэ поэт Ньукулай Чуор хомоҕой хоhооннорунан, ылбаҕай ырыаларынан олуhун киэргэттилэр.
Доҕоро, Малдьаҕар нэhилиэгин олохтооҕо 89 саастаах Николаев М.П. хоhооннорун ааҕарын устан ыыппытын хайгыы, сэҥээрэ иhиттибит. Николай Иванович сүүстэн тахса хоhoонун, билиҥҥэҥҥэ диэри нойосуус ѳйугэр — хатыы сылдьара киhини сѳхтѳрѳр.
Тэрээһин ыалдьыттара- тѳрѳппүттэрбит «Олоххо сыhыан” диэн күргүѳм толорууннан түмүктээтилэр. Поэзия нарын долгунугар бииргэ олорсон бу тэрээhинтэн бары астынан, сүргэбит көтөҕүллэн, хоһоон — ырыа түһүлгэтигэр кыттан, үөрэн – көтөн тарҕастыбыт.
Бүгүҥҥү тэрээhин кыттыылаахтара, ыалдьыттара!
Эhиил, 2025 сылга, Саха сирэ бүттүүн Н.И. Харитонов – Чуор тѳрѳѳбүтэ 90 сылын бэлиэтиэҕэ. Элбэхтик кини аатын истиэххит, кини хоhооннорун, ырыаларын биэриэхтэрэ. Ол түгэҥҥэ, бүгүҥҥү күнү, Николай Чуор айымньыларын тула түмсүбүппүтүн ѳйдѳѳн-санаан ааhыаххыт диэн эрэнэбит.