Бу сайдыылаах үйэҕэ тыллара мөлтөх, кыайан чуоккайдык саҥарбат, сатаан суруйбат оҕолор күнтэн күн элбээн иһэллэрэ киһини хомотор. Статистика да соччото суох хартыынаны көрдөрөр. Баҕар, олохпут олус сайдан, бары аныгы технологияларга төлөпүөҥҥэ, планшекка сыстан дуу, оҕолорбутун кытта элбэхтик кэпсэппэт буолбуппутуттан дуу, аһылыкпытыттан дуу? Аныгы үйэҕэ кыайан саҥарбат оҕолор элбээн иһиилэрэ билигин сытыытык турар боппуруос, төрөппүтү долгутар ыйытыы. Оттон эһиги туох дии саныыгытый?
Мэҥэдьэк олохтоох библиотекатыгар сэтинньи 14 күнүгэр, логопед диэн идэ аналлаах күнүгэр нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр сырдатар-иһитиннэрэр үлэ ыытылынна. Нэһилиэкпитигэр үлэлии-хамныы сылдьар, логопед үөрэхтээх кыргыттар төрөппүттэргэ консультация ыыттыллар. Ол курдук, Хатыы орто оскуолатын логопед учуутала Сивцева Туйаара Васильевна кыра саастаах оҕолор саҥаларын, нуормаларын, хайдах тыл саппааһын элбэтэр туһунан кэпсээтэ, араас сайыннарар оонньуулары, дьиэҕэ оҕолору кытта дьарыктанар ньымалары сүбэлээтэ.
Алын сүһүөх кылаас учуутала, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору коррекционнай сайыннарар үөрэхтээһин учуутала Григорьева Матрена Афанасьевна дислекция (саҥарар саҥалара, суруктара мөлтөх ), дисграфия (сурукка мөлтөх) диэн диагностар тустарынан олус үчүгэйдик, киһиэхэ тиийимтиэтик быһааран, оннук диагностаах оҕолору хайдах сайыннарыахха сөбүн, ханнык эрчиллиилэр, дьарыктар баалларын туһунан көрдөрөн, быһааран биэрдэ.
Логопед үөрэхтээх Матрена Гаврильевна инбэлиит оҕону хайдах сайыннарар, иитэр туһунан, дьиэҕэ туттуллар эрчиллиилэри, оонньуулары, кыайан саҥарбат оҕолор уратыларын, төрөппүт дьулуурдаах, тулуурдаах буоларын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Тылы сайыннарар, сөпкө тыынар эрчиллиилэр буклеттарын кэлбит төрөппүттэргэ туттартаата.
Кэлбит төрөппүттэр логопеттар бэлэмнээбит выставкаларын, араас сайыннарар оонньуурдарын, карточкаларын, логопеттар туттар малларын көрөн, сүбэ-ама буклеттарын ылан, санаа атастаһан, интэриэһиргээбит боппуруостарыгар чопчу эппиэт ылан, астынан тарҕастылар.
Матрена Габышева.