МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

МАРТЫНОВ НИКОЛАЙ НИКОЛАЕВИЧ үбүлүөйдээх 85 сааһын туолар үтүө күнэ

Сэтинньи 22 күнэ — учуутал, историк, кыраайы үөрэтээччи, СӨ бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна МАРТЫНОВ НИКОЛАЙ НИКОЛАЕВИЧ үбүлүөйдээх 85 сааһын туолар үтүө күнэ.

Хайа баҕарар кэмҥэ, ханнык баҕарар сиргэ дойдуларын, норуоттарын историятын илдьэ сылдьар дьон баар буолар. Кинилэри, сир түннүктэрэ, сээркээн сэһэнньиттэр, бөлүһүөктэр диэн ытыктаан ааттыыбыт. Ньурбабытыгар ити курдук ааттанар дьоннорбутуттан биирдэстэрэ Николай Николаевич Мартынов буолар.

Кини төрөөбүт, кыра оҕо сааһа ааспыт сирэ — Дьиикимдэ эбэни кытта силлиһэ сытар Таба Өлбүт диэн олус кэрэ айылҕалаах сир. Төрөппүттэрэ Ньукулай уонна Өрүүнэ Мартыновтар олус бүгүрү, үлэни өрө туппут дьон этэ, бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Мартыновтар дьиэ кэргэн оҕолор кыраларыгар Дьиикимдэттэн Ньурбаҕа көһөн киин бөһүөлэк олохтоохторо буолбуттара. Аҕалара эрдэ өлөн ийэлэрэ Өрүүнэ соҕотоҕун улаатыннартаабыта, үөрэхтээбитэ. Ньукулай ыал улаханын быһыытынан балтыларын, быраатын көрсөн ийэтин тутаах киһитин быһыытынан улааппыта.
1965 сыллаахха Иркутскай куоракка үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, историк идэтин ылан ахтылҕаннаах Ньурбатыгар төннөн 1 нүөмэрдээх оскуолаҕа историк учууталынан үлэтин саҕалаабыта.

Үөрэнээччитэ, наука үтүөлээх үлэһитэ Саввинов А.С. ахтыытыттан: «Учууталым оччолорго олох эдэр, үлэтин саҥа саҕалаан эрэр киһи, туох эрэ киһи тута өйдөөбөт уратылаах этэ. Ол уратыта диэн, кини эдэр ыччаты бэйэтигэр тардар күүстээҕэ. Дьиктитэ, кини спордунан даҕаны дьарыктаммат, эбэтэр араас түгэннэргэ бэйэ киһитэ буолан хаалар хаачыстыбата да суох этэ. Идэтин уһулуччу баһылаабытынан, эбэтэр саха үгэс буолбут олоҕун үчүгэйдик билэринэн эбитэ дуу диэн санаа эмиэ сөп түбэспэт. Мин сааһыран эрэ баран, кини саха аймах үгэс буолбут олоҕун, култууратын үчүгэйдик билэр эбит диэн болҕомтобун уурбутум. Онон оҕолор киниэхэ сыстаҕас буолуулара, кини КИҺИ БЫҺЫЫТЫНАН, УЧУУТАЛ БЫҺЫЫТЫНАН ТААЙЫЛЛЫБАТАХ ТААБЫРЫНА дии саныыбын….»

Yлэ сынньалаҥ лааҕырын салайан Николай Николаевич Мартынов оҕону үлэҕэ муударайдык үөрэтэрэ. Аһылыктарын наһаа табара, күөлгэ илимнээн куруук сибиэһэй собону, эмис эти, үүтү, сүөгэйи, сороҕор сахалыы лэппиэскэни, алаадьыны остуол хотойорунан тардара. Ийэтин үөрэҕинэн кини учууталлыыр да, кэлин сынньалаҥҥа да олорор кэмигэр сылгытын-сүөһүтүн дьиҥ сахалыы сиэринэн көрөн-истэн олорбута. Бу бэрт аҕыйах сыллаахтан сүөһү көрөртөн уурайбыта. Ыччат киэһээҥҥи оскуолатын учууталынан, директорынан эмиэ олус айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Николай Николаевич Мартынов үлэлээбитин, үөрэппитин устата уол оҕолорго сүбэлиирэ-амалыыра олус ылыннарыылаах буолара. Улахан, орто үлэһит да буолбуттарын иһин үөрэнээччилэрэ билиҥҥэ диэри учууталларын дьиэтин хаһан да тумнубаттар, ирэ-хоро кэпсэтэн, саха бастыҥ киһититтэн итии чэйдээх сандалыга олорон үөрэн-көтөн, сүбэ-соргу ылан бараллар.

1985 сыллаахтан култуура салалтатын сүбэһитин быһыытынан ыһыахтары ыытыы сиэригэр – туомугар Николай Николаевич ылсыһаатын кэннэ ыһыахтарбыт дьон-сэргэ, ыалдьыттарбыт, олохтоохтор ыһыах аһыллыытын үөрүүтүн-көтүүтүн сэргиир, ытыктыыр, эдэрдэр саха норуотун сиэрин-туомун, үгэһин долоҕойдоругар уктан үөрэнэн барыылара – бу аҕам саастаах Н.Н. Мартынов үтүөтэ. Кымыс иһиитин сиэрин – туомун К.Д. Уткиныын аан маҥнайгытын 1992 сыллаахха оҥорон баран 2012 сылтан оҥотторон олоххо киллэрсибит эмиэ Н.Н. Мартынов. «Кыталыктаах-ыһыахтыыр сир буолуохтаах» диэн туруорсан пааркаттан Кыталыктаахха ыһыахтыырга көһөрсүбүт эмиэ Н.Н. Мартынов. Убайааҥҥа үүнэн турар Аар Хатыҥы күрүөлээн дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарбыт, Ньурбалар Аар Хатыҥнара, дэппит эмиэ Н.Н.Мартынов… сити курдук, кини, Ньурбатын дьиҥ олохтооҕо, бу орто дойдуга оҥорбут үтүөтүн тохтоло суох ааҕа туруохха сөп.

Ньурба библиотекатын уонунан сылларга Бастыҥ ааҕааччыта, чугас Доҕоро, тумус туттар ытык-мааны Николай Николаевичпыт! 85 сааскын томточчу туолбуккунан ис сүрэхтэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Эн үөрэппит-сүбэлээбит, үтүө санааны иҥэрбит үөрэнээччилэриҥ, дьонуҥ-сэргэҥ саха норуотун сиэрин-туомун салҕыы илдьэ, салҕыы тарҕата сылдьыахтара, эн алгыскынан кэлэр да көлүөнэ арчылана туруо диэн итэҕэйэбит уонна күндү киһибитигэр чэгиэн туругу, үгүс үөрүүлээх түгэннэри баҕарабыт!

Киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.
.