Кэлиҥҥи кэмҥэ олоҥхону оҕоҕо кыра сааһыттан билиһиннэриигэ улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук уһуйааннарга, оскуолаларга, бибилэтиэкэлэргэ араас хабааннаах үлэ тэриллэн ыытыллар. Биһиги, Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ, Олоҥхо күнүгэр кырачаан ааҕааччылардыын көрсөөрү сарсыарда “Кэскил” уһуйааҥҥа тиийдилэр. Буоларын курдук, сып-сылаас, сырдык, ыраас дьиэҕэ мичилийбит харахтардаах, минньигэс саҥалаах кыргыттар, уолаттар үөрэ — көтө көрүстүлэр. Остуоруйа истээри сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ, кэтэспиттэрэ биллэр.
Тэрээһин сүрүн соругунан олоҥхо туһунан өйдөбүлү дириҥэтии, үтүө санааны иитии, тыл саппааһын байытыы буолар. Бибилэтиэкэрдэр бастаан олоҥхо туһунан кэпсэтии таһаардылар, онтон улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун кылгас ис хоһоонунан куукула театрын көрдөрдүлэр. Сырдык уонна хараҥа күүс, үтүө уонна мөкү бүппэт атааннаһыыларын, быстыспат ситимнэрин оҕоҕо тиийимтиэтик остуоруйа быһыытынан кэпсэннэ. Бүгүҥҥү тэрээһин оҕолору сэргэхситтэ, олоҥхоҕо интэриэһи тарта.
Ушканова Я. В.