МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

НЬУРБА СИРЭ МАХТАЛЛААХ СУРУЙААЧЧЫТА
Аҕам хаалларбыт баайа - 
Алмаас таастыы чочуллубут 
Алгыс тыыннаах айымньылара...
                                 
                                  Саргы Куо, поэт.

Саха биллэр поэта, суруйааччыта Василий Гольдеров — Ороһу Уола бүгүн тохсунньу ый 16 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сыла. Кини Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үлэтин “ Эдэр коммунист”, “ Кыым” хаһыаттартан, “Хотугу сулус” сурунаалтан саҕалаабыта. Саха ааҕааччытыгар “Уолун куолаһа” кэпсээнинэн маҥнай тахсыбыта. “Илгэлээх ардах” бастакы кинигэтэ 1959 сыллаахха бэчээттэммитэ. Василий Гольдеров оҕолорун тэҥэ бүөбэйдээн, махталынан арыллыбыт поэзиятыгар олус истиҥник, дьоһуннаахтык сыһыаннаһара,уонтан тахса кинигэ автора. Иккис төрөөбүт дойду оҥостон улахан тапталы билэн олохсуйбут сирин Амматын саха суруйааччыта буолан саргым салаллыбыт сирэ диэн олус күндүтүк ахтара. Төһө да эдэр сааһыттан тэйдэр төрөөбүт дойдутун Үөһээ Бүлүүнү олус күндүтүк саныыра,ол да иһин Ороһу Уола диэн литературнай псевдоним ылыннаҕа. Поэт Василий Гольдеров саха тыллаах ааҕааччыга биһирэнэн уостан түспэт ырыа буолбут “Умнуллубат онус кылаас” хоһооно бары көлүөнэ оскуолатын ахтар саныыр киһиэхэ гимн тэҥэ ырыа буолан ылланан кэллэ. Бу ис сүрэхтэн тахсар тапталынан махталынан сыдьаайбыт ырыа хайа да кэмҥэ ыллана сылдьыа. Василий Гольдеров — Ороһу Уола биһиэхэ Ньурба дьонугар махталына ахтыллар улахан суруйааччы. Кини Ньурба сирин бастакы суруйааччытынан ааттаммыт Степан Федотов айымньыларын олоҕун бэлиэ түгэннэригэр хомуйан, сыл-хонук тумарыгар саһыарбакка, дьиҥнээх доҕорго бэриниилээх буолуу тыыннаах туоһута гынан хас да кинигэни бэлэмнээн таһааттарбыта. 2010 сыллаахха Ньурба көмүс күһүнүгэр саха сирин биллэр поэттара — поэт, суруйааччы В.Ф.Гольдеров, норуот эрэнэ кэтэспит кэскиллээх поэтессата, Василий Гольдеров “бастыҥ айымньыта”, Амма улууһун киэн туттуута С.В.Гольдерова-Саргы Куо, сиппит-хоппут поэт Н. Михалева-Сайа, бэйэтэ ураты куоластаах Сунтаар поэтессата Суоһааны күндү ыалдьыт буолбуттара. Ньурба типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбыт “Кынаттаах олох” кинигэ сүрэхтэниитигэр’ суруйааччы Степан Федотов күнү көрбүт дойдутугар Дьиикимдэҕэ тахсан, Ньурба айар куттаахтарын кытта литература улахан бырааһынньыгар кыттыбыттара. Биир идэлээхпит Дьиикимдэ библиотекара СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Павлова Степан Федотов айар үлэтигэр элбэх үлэни ыыппытын анал муннугу оҥорбутун астынан бэлиэтээбиттэрэ. 2013 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар Василий Гольдеров библиотекарь С.Н.Павловалыын Степан Федотов олох кырдьыгын кэпсээбит айымньыларын хомуйан “Ыһыах түүн” диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэ Кынаттаах айымньылар диэн киирии тылыгар Василий Гольдеров — “Доҕордоотор доҕорум Степам… Бииргэ төрөөбүт диэни билбэппин. Баара да эбитэ буоллар, бука Степабыттан ордук истиҥ, чугас буолуон өйүм хоппото …”-диэн долгутуулаах тыллар бааллар… Үчүгэй доҕор-дьылҕа бэлэҕэ диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Сыл-хонук төһө да аастар махталлаах Ньурба сирэ суруйааччы Василий Гольдеров аатын, айбыт айымныларын мэлдьи инники күөҥҥэ тутан, кэлэр көлүөнэ ыччат дьоҥҥо тиэрдэ туруо.

Мария Николаева, библиотекарь.