Хас сыл аайы алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар Владимир Путин укаһынан Россияҕа Аҕа күнүн бэлиэтиир буолбуппут. Докумуоҥҥа сурулларынан, бырааһынньык дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна оҕону иитиигэ аҕа оруолун үрдэтэр сыаллаах.
Аҕа – көмүскээччи, бигэ тирэх уонна үтүө сүбэһит. Аҕа – иллээх дьиэ кэргэн тулхадыйбат тутааҕа, оттон дьиэ кэргэн – модун судаарыстыба бөҕө тирэҕэ!
- Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнэ, Булчут күнэ ханнык ыйга, хас сылтан бэлиэтэнэллэрий?
- Арассыыйаҕа Аҕа күнэ ханнык күҥҥэ, хас сылтан бэлиэтэнэрий ?
- «Мин аҕам алааһа, Лэбийэм күөлүгэр
Аар хатыҥ күлүгүн көрүнэн эрдэҕэ.
Алааһым кытаҕар хатыҥнаах чараҥар,
Отуутун таһыгар, оллоонун аттыгар,
Хотуурун таптайар, табаҕын уурунар
Уонна, дьэ, оргууйдук бугулун бэрийэр» ырыа тылын ааптара?
- Эр киһи уһун санаалаах, … Ситэрэн биэриҥ …
- Уол оҕо биир күн – ат өрөҕөтүгэр, … Ситэрэн биэриҥ …
- Байанай алгыһа айымньыны ким суруйбутай?
- Этиини салҕаа: Байанай … майгылаах
- Уол оҕо төрөөтөҕүнэ … Ситэрэн биэриҥ …
- Үс өргөстөөх, … Ситэрэн биэриҥ …
- Сахалыы хайыһар аата?
- Крошка сын
к отцу пришел,
и спросила кроха:
— Что такое
хорошо
и что такое
плохо?- Ханнык биллэр нуучча поэта бу хоһоону 1925 сыллаахха айбытай?
- Биһиги биир дойдулаахпыт, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, аатырбыт дояр, 2022 сыллаахха, муус устар 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Үлэ Дьоруойа буолбута. Кини аата, ханнык улууһуй ?
- «Ытык аҕа» Бэлиэ хас сыллаахха олохтоммутай?
- “Сыл аҕата” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус хас сылтан ыытыллар буолла?
Эппиэттэргитин алтынньы 18.10.2023 с. дылы 89142931737 номерга күүтэбит.
Ф. Г. Сафронов аатынан Киин бибилэтиэкэ.