МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Аҕа саастаах дьоммутугар ытыктабыл күннэрэ

Бириэмэ көтүмэ, көтүмэ

Үргүбүт табалыы түһүмэ!

Өссө да эдэрбин дэниим ээ

Өссө да көрүлүү түһүүм ээ.

Тулабар сибэкки тэтэрдин

Үрдүбэр күөрэгэй битийдин

Биир ыйга эдэр саас уһаарыый

Биир сылга кырдьар кэм бытаарыый…

Бүөтүр Тобуруокап

Холбоһуктаах нациялар түмсүүлэрин 45-с сиэссийэлэригэр 1990 сыллаахха алтынньы 1 күнэ — Аан дойдутааҕы кырдьаҕастар күннэринэн биллэриллэн турар.
Киһи кырдьыытын көмүс күһүнү кытта дьүөрэлииллэр. Ол да иһин алтынньы 1 күнүн — күһүн оройун — Аҕам саастаахтар күннэринэн анаатахтара.
Бу ааспыт нэдиэлэҕэ Хаҥалас нэһилиэгэр Кырдьаҕастар Аан дойдутааҕы күннэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт декадаҕа нэһилиэк тэрилтэлэрэ, эдэр , ыччат, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, аҕа саастаах олохтоохторго, аҥардас ийэлэргэ быйылгы кыстыкка оттор мастарын хайытан, саһааннаан биэрэн, олохтоохтор махталларын элбэхтик ыллылар.


Декаданы түмүктүүр сынньалаҥ киэһэтэ нэһилиэк аҕа саастаахтарыгар ананан, уратыта хас биирдиибит кыра да кэмҥэ эдэр сааспыт кэрэ кэмнэригэр төннөн, оччотооҕу дьоллоох кэмнэрбитин ахтан санаан 70-80 сыллардааҕыны санатар ретро стиль хайысхатынан барда.
Биэчэр бу күҥҥэ анаммыт тэрээһинин киэргэтэ кэлбит, мэлдьи сэргэх дьон, нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэр көҕүлээччилэринэн сылдьар, киэн туттар ахтыбыыс эбээлэрбит “Алаас Хотуна” түмсүү (салайааччы СӨ уопсастабыннай хамсааһыҥҥа кылаатын иһин Норуот билиниитэ бэлиэ хаһаайына Марфа Гаврильевна Федорова) ретро стиллээх таҥастаах көрдөрүүлэринэн саҕаланна. Салҕыы «Хаҥалас нэһилиэгэ» МТ Аҕа баһылыга С. А. Винокуров төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытыгар махталы, Эҕэрдэ тылы этэн туран, үтүө үгэс буолбут быйылгы сылга үбүлүөйдээх аҕам саастахтарга нэһилиэк тэрилтэлэрэ бэлэмнээбит сэмэй бэлэхтэрин, баһылык эҕэрдэ суругун туттартаата. Мэлдьи буоларын курдук аҕам саастаах ыалдьыттарбыт норуот айымньытын дьиэтин саалатыгар бэлэмнэммит сахалыы астаах, нууччалыы киэргэллээх сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, оонньууларга кыттыһан сэргэхсийэн тарҕастылар. Онтон биһиги тэрийээччилэр аҕам саастаах дьоммут дойду үрдүнэн уустук кэмҥэ, кыра да бириэмэҕэ аралдьыйан, санаалара көтөҕүллэн барбытыгар астына хааллыбыт. Биэчэр түмүгэр нэһилиэк эдэр үлэһиттэрэ бэлэмнээбит улахан тордунан күндүлээтилэр.


Мария Николаева, библиотекарь, Хаҥалас.