Оҕо ааҕар эйгэтин тэрийиигэ Ньурбатааҕы Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ араас хайысхалаах үлэни тэрийэн ыытар. Оннук биир көрүҥүнэн доргуччу ааҕыы буолар. Олунньу 28 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр 2022 сыл — Ааҕыы сыл чэрчитинэн «Чуолкайдык аах! Доргуччу аах!» чемпионат иккис төгүлүн ыытылынна. Ньурба куорат оскуолаларыттан 7 — 8 кылаас оҕолоро 4 түһүмэххэ доргуччу ааҕыыга күөн көрүстүлэр. Бастакы түһүмэххэ кэпсээнтэн быһа тардан, иккискэ хоһоон, үһүскэ хаһыат ыстатыйатын аахтылар. Төрдүс түһүмэххэ саха тыла — сүмэтэ мунньуллубут олоҥхоттон быһа тардыыны ааҕан түмүктээтилэр. Күрэх түһүмэхтэрин устатыгар элбэх баалы ылан С. Е. Данилова учууталлаах Ньурбатааҕы техническай лицей 8 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Даниил Андреев эрэллээхтик бастаата. Даниил оҕо библиотеката ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук, 2019 сыллаахха нууччалыы тылынан ыытыллыбыт «Читаю звонко, читаю вслух» күрэххэ, былырыын ыытыллыбыт «Чуолкайдык аах! Доргуччу аах!» күрэхтэргэ бастаабыт. Даниил ааҕарын олус сөбүлүүрүн, ордук хоһоону ааҕарын ордорорун билинэр. Эһиил да ыытыллар чемпионакка кыттар баҕа санаалааҕын биллэрдэ.
Иккис миэстэҕэ Ст. Васильев аатынан 1 нүөмэрдээх орто оскуола 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Айгылаан Яковлев (учуутала Т.В.Николаева) таҕыста. Үһүс миэстэни Ньурбатааҕы техническай лицей 7 «б» кылаас үөрэнээччитэ Алеша Григорьев ылла (учуутала А. В. Мясоедова). Маны таһынан, кыттааччыларга уонна кинилэргэ «ыалдьааччыларга» анаан тыл оонньуута ыытылынна. Оҕолорбут дьиэлэригэр, оскуолаҕа сахалыы саҥарар, сахалыы кинигэни ааҕар буолан ситиһиилээхтэр, бэйэлэрин санааларын аһаҕастык, көҥүллүк этинэллэр, быһаарсаллар. Бу манна төрөппүт, учуутал оруола улахан. Маннык дьарыктарбыт инникитин салгыы ыытыллыахтара. Ааҕыы араас көрүҥэр: доргуччу ааҕыыга, бириэмэҕэ ааҕыыга, аахпыттан тута кэпсээһиҥҥэ дьарыктар былааннаналлар.
И. Павлова, кииннэммит бибилэтиэкэ оҕону уонна ыччаты кытта үлэҕэ методиһа.