Бүгүн сэтинньи ый 2 күнүгэр Ньурбатааҕы оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин көҕүлээһининэн оҕолорго күһүҥҥү сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларын хааччыйар сыаллаах: «Аах, толкуйдаа, оонньоо» — диэн дьарык саҕалаатыбыт. Манна оҕолор кинигэ хайдах айыллан, үйэттэн — үйэҕэ сайдан аныгы кэмҥэ тиийэн кэлбитин туһунан презентация нөҥүө интэриэһинэй бэсиэдэ иһиттилэр, тыл оонньуутугар дьарыктаннылар, бэйэлэрин курдук кырачаан сахалыы тылынан кинигэлэри аахтылар, элбэх эгэлгэ кинигэлэр көрүҥнэрин билэн сэргээтилэр, хамсаныылаах оонньууларга кытыннылар.
Сэтинньи 9 күнүгэр диэри кинигэни ааҕар баҕалаах оҕолору туһалаах дьарыкка күүтэбит.
Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ.