МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Акана нэһилиэгэр «Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо” күрэх

Акана нэһилиэгэр алтынньы ый 23 күнүгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн Мэҥэдьэк, Октябрьскай нэһилиэктэр бибилэтиэкэрдэрин бырайыагынан, «Николаев Василий Николаевич — Куххата Баһылай» аатынан Акана бибилэтиэкэтин көҕүлээҺининэн «Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо” диэн күрэх бастакы түһүмэҕэ ыытылынна. Күрэххэ уопсайа үс хамаанда кыттыыны ылла:
— Алексеева Серафима Федотовна, Наталья Викторовна, Эвелина Васильевалар;
— Алексей Петрович, Дария Ивановна, Евгения Николаевтар;
— Саввинова Евдокия Егоровна, Надежда Николаевна, Станислав Николаевтар.
Бу күрэххэ хас биирдии хамаандаҕа дьиэ кэргэнтэн үс киһи кытынна (5 сааһыттан үөһээ оҕо, төрөппүт уонна эһээ эбэтэр эбээ).
Түөрт араас түһүмэх ыйытыылара экраҥҥа сырдатылынна, кыттааччылар хоруйу суругунан толордулар. Түһүмэх тиэмэлэрэ:

  1. Саха суруйааччылара;
  2. Сахалыы итэҕэл (сиэр-туом);
  3. Төрөөбүт төрүт тылбыт туһунан;
  4. Ньурба улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах боппуруостар.

Күрэх түмүгүнэн Алексеева Серафима Федотовна, Наталья Викторова, Эвелина Васильевалар кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар. Кыайыылаахтарга «Добун сурук» уонна Ньурбаҕа киирэн түмүктүүр күрэххэ кыттар «Ыҥырыы сурук» туттарылынна.


Күрэхпитигэр бириистэри туруордулар:

  • М.Н. Петрова-Тойуктаах Марыына аатынан култуура уонна успуорт киинэ;
  • «Акана нэҺилиэгэ» МТ;
  • «Николаев Василий Николаевич — Куххата Баһылай» аатынан Акана бибилэтиэкэтин филиала.

Бүгүҥҥү «Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо” күрэххэ ыҥырыыбытын ылынан кыттыбыт көхтөөх дьиэ кэргэттэрбитигэр махтанан туран, баҕарабыт үлэҕитигэр үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну!
Кыайыылаахтарга инникитин түмүк күрэххэ үрдүк ситиҺиини!

Суруйда Павлова Виктория Лаврентьевна

Ньурбатааҕы нэһилиэктэри түмэр кииннэммит библиотека ситимин

Аканатааҕы филиалын бибилэтиэкэрэ.