МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Акана нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ

УУС МАКААР

Аканаҕа биир ытык кырдьаҕас оҕонньоттор оҕонньордоро олорор, үлэлиир. Бэйэтэ кэпсииринэн былыргы күн өлүүтүн саҕана, аҕыстаах-тоҕустаах уол эбит. Кини кэпсиир хараҥата 1897 сыллаахха буолбут. Онно дьиэтин анныгар баар сыһыыга куттанан бугул анныгар киирэн саспыт. Күн көстүбүтүн кэннэ киэһэ дьонноро бэстилиэнэй тыһыынча кэллэ диэннэр кыһын идэһэлэниэхтээх курулаан турар оҕустарын өлөрөн сиэбиттэр, ыалга түҥэппиттэр, ый-күн ыһыаҕа оҥорбуттар. Макаар оҕонньор сааһын туоһулуур атын түгэн эмиэ баар.

— Эккиннэтэн ыксаан сыттахпына, тоҕустаах уол этим, онно Ньукулааскы кулуба өлбүтэ. Ол түлэһэтигэр биир эмньик оҕуһу сиэбиттэрэ. Дьонум ол оҕус этиттэн аҕалан буһаран сиэн баран миэхэ өлүүлээбэтэхтэрэ. Ыарханнык ыалдьыбыт киһи өлөөччү хоолдьугатыттан тииһинэрэ бобуулааҕа. Ол эт сыта-сымара билиҥҥэ диэри өйбүттэн арахсыбат. Оччо иҥсэрбит муҥум буолуо оччоҕо…
Ол кулуба өлбүтэ 1898 сыллаахха диэн уҥуоҕар суруллубут. Архыыбы хаһа сылдьан 1895 сыллааҕы биэрэпис матырыйаалыгар түбэһэ түспүтүм. Онно Курчах Макаар сэттэ саастаах диэн суруллубута баар. Оттон Совет хаһаайыстыбаннай кинигэтигэр сүүһүттэн быдан тахса сылдьар. Бэйэтэ этэринэн аны күһүн Иһийээнэптэн 100 сааһыгар үктэнэр. Онон билигин Аканаҕа сүүс сааһын өҥөйбүт кырдьаҕас соҕотох кини.
Кини кимтэн кииннээх, хантан хааннаах этэй? 1895 с. биэрэпискэ дьонноро Быһах аҕатын ууһугар сурулла сылдьаллар. Инитэ Уһун Василий Матвеевич, биитэ Нуутуку Иван Матвеевич диэннэр. Макаар суох. Макаар Бөтөҥкөс уола Курчахха иитиллибит. Онон Мойуһуой аҕатын ууһугар Курчах Макаар диэн сурулла сылдьар. Макаар, Уһун Баһылай, Нуутуку Уйбаан төрөппүт аҕалара Чөкчөс Маппыай дэнэрэ. Чөкчөс Бэрэтэ диэн обургу күөл Ибээк түбэтигэр баар. Бэрэ хоту төбөтүгэр Чөкчөс өтөҕө диэн бэрт киэҥ өтөх баар. Өтөхтөрүттэн көрдөххө бэрт кыанар ыал олорбут. Айылҕата нүөл баҕайы, күөлэ кус-балык тоҕуоруйбут сирэ. Үтүө түбэ.
Ити элбэх сааһыттан 70 сылын Сэбиэскэй былаас сылларыгар олорбут буолан билиҥҥи олох хайдах сайдан испитин, нэһилиэгэ улааппытын, олоҕо дьаһаҕа тупсубутун үчүгэйдик билэр, элбэх кэпсээннээх оҕонньор. Бу кырдьаҕас олоххо элбэх аһыыны-абаны, ыархаттары көрсүбүт киһи. Бастакы кэргэниттэн уонтан тахса оҕону көмпүтэ. Кэргэнэ сэрии иккис сылыгар иһинэн эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Чороҥ соҕотох биир кыыһынаан иккиэйэҕин хаалбыта. Буруо сабыллар кыһалҕата тирээбитэ. Онтон күһэллэн бэйэтин курдук огдообо хаалбыт дьахтары кэргэн ылбыта. Элбэх оҕоттон малыйбыт буолан кыыһыгар ханыылаан кэргэнин кыра бырааттарын уоллаах кыыһын иитиммитэ. Иккис кэргэнинээн Аанатынан 50-ча сыл иллээхтик, эйэлээхтик олороллор. Инитин уола Киппирийээн төгүрүк тулаайах хаалан баран эмиэ иитиллэ кэлбитэ. Онон Макаар түөрт оҕолоох ньыр-бааччы ыал буола түспүтэ. Эмээхсинин бииргэ төрөөбүт быраата улуу булчут киһи кинилэргэ олороро. Онон сэрии ыархаттарын булдунан айахтарын ииттэннэр үччүгэйдик аһарбыттара. Сэрии кэнниттэн хойутуу соҕус Байбаллара кэргэннэммитэ. Субуруччу сэттэ оҕоломмута. Туспа ыал буолан саҥардыы олорон иһэн Байбал кэргэнинээн утуу-субуу эрдэ үйэлэммиттэрэ. Оҕонньор дьарамай арҕаһыгар эмиэ элбэх иитимньи баар буолбута.
Дьэ ити курдук, кини олоҕо үгүс үөрүүтэ-көтүүтэ суох элбэх кыһалҕаларынан дьааһыйан ааспыта. Ол эрээри санаата-оноото онтон хаһан да түспэтэҕэ. Кыһалҕата үксээтэҕин, улааттаҕын ахсын хайдах эрэ чиҥээн иһэр, кытаатан, туруулаһар курдуга. Ол дьулуура, дьаныара таайан Макаар олоҕун бүтэһигэр дьэ үөрүүнү-көтүүнү билэн эрэр. Иитэлээбит оҕолоро үөрэнэн үлэһит буолан, ыал аатын ылан оҕонньор сүрэҕин-быарын сылаанньыталлар. Элбэх сиэннэрдээх, халыҥ дьонноох-сэргэлээх ытык кырдьаҕас кини буолла.
Макаар үйэтигэр таптаан идэтийбит икки үлэлээҕэ. Тимир ууһа уонна булчут. Хайаларын ордук баһылаабытын, сөбүлээбитин бэйэтэ да мунаарар.

  • Уһанар идэҕэ убайым Чөс Хабырылла үөрэппитэ. Бастаан солуурчах абырахтыыр идэлэммитим. Онтон кэлин быһах, хатат, кыстык, өтүйэ оҥорон барбытым. Сүгэни табыыканы, хоруур тимири о.д.а. биһилэҕи, ытарҕаны кутан оҥорор буолтум. Биибэр сытыы этим. Сирбэттэрэ. Кэлин алтанынан солуурчах, миискэ, бүлүүдэ тардан оҥорорум. Түбүгүм улааппыта. Нэһилиэк дьонноро үксүлэрэ, атын сиртэн даҕаны миэхэ кэлэллэрэ. Чэпчэки илиилээх дэһэллэрэ. Оттон уонна уус даҕаны суоҕа буоллаҕа дии. Ортоһуор эрэ уус этим. – Макаар оҕонньор ити ууһун идэтин туһунан намтатына кэпсиир. 1935 сыллаахха «Кыһыл Бэрэ» колхоз тэриллээтин кытта чилиэнинэн киирбит. Кэлин «Ленин суолугар» колхоз наадатын толуйар уус буолбута. Онтон ыла дьоҥҥо уһанара аҕыйаан барбыт. Колхозтар тутаах уустарын быһыытынан ыһыыга, хомуурга туттуллар араас сэби сэбиргэли, техниканы чөлүгэр түһэрэр ухханыгар киирбит. Макаар оҕонньор онтон ыла кыстык уотугар сыраллыбыт. Муус устар ыйтан хас күн ахсын инньэ күһүҥҥэ Иһийээнэпкэ диэри уһанар балаҕаныгар хам хатар буолбут. Барыта быһымах «һуу да һаа, бүтэрэ оҕус» диэн буолар эбит. Ити ахсын Макаар уһанар идэтэ дириҥээн, билиитэ кэҥээн, үөрүйэҕэ элбээн, булуук, сипсээк, самаскыыт, лабыгырыайга, малатыылка, тулка, бассыыбынньык иҥин диэн буолан испит. Бүтэһигэр трактор кылааппанынан, кылаадыһынан түмүктэммит. Онон Макаар идэтэ көлө техникатыттан саҕалаан ити трактордар өрөмүөннэригэр тиийэ үксээн тахсар. Подшипниктары, втулкалары, вкладыштары иһэрдэн киһилээбэккэ абырахтыыр буолбут. От охсор массыынаны бурдук быһар массынаҕа кубулутан оҥорбут. Оччолорго сварка суоҕа. Араас тимирдэри иһэрдэн холбууру баһылаабыт. Кини иһэрдибит сиринэн хаһан да хоҥнубат, тостубат эбит. Сэрии сылларыгар уонна ол кэннигэр Макаар колхозтарга ыҥырыкка сылдьар уус буолбут. Колхоһа муҥутаан уон күн көҥүллүүр эбит. Онон барбыт колхоһун сакааһын толороору арыт күнү кытта сылдьан үлэлииргэ күһэллэтэлиир эбит.
  • От ыйын бүтүүтэ Үөдэйгэ ыҥырыллыбытым. Сэрии кэнниттэн этэ. Ылдьаа Кутанов биэс күн бурдук быһыытыгар биир аты уларсыах буолан миигин Арамаанаптан биэс күн уһанарга көҥүллэтэн илдьэ барбыта. Биһиги колхозка көлө олох тиийбэт этэ. Онон көлө атаһыгар бардаҕым дии. Уһанар сэбим дуомун тэлиэгэҕэ тиэйэн айаннаабыппыт. Аара Тибигийээҥҥэ күүлэй буола турара. От кээһиитигэр. Уон биэс бууттаах кур оҕуһу сиэбиттэр. Буут арыынан саламаат өрбүттэр. Киһи-сүөһү диэн дьэ онно тоҕуоруйбут этэ. Онон аһаан-чалларыынан ааспыппыт. Түөртүүр ынах саҕана тиийэн баран үргүлдьү уһаммытынан барбытым. Көмөлөһөөччүнэн Тыкааһы биэрбиттэрэ. Дэриэбинэҕэ киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Бары Тибигийээн күүлэйигэр сылдьаллара. Былырыын үлэлээбитэ диэн үс дьэбин сиэбит самаскыытын көрдөрдүлэр. «Оҕонньор балары оҥордоххуна абырыыгын диэн буолла» Ол-бу бөҕү хаһан быраҕыллыбыт чаастары булан массыынабытын абырахтаан бардыбыт. Сорох чаастарын бэйэбит оҥорон дьаабылаатыбыт. Кыайан умунуохтаабаккалар втулкалара дьалкыйан хаалбытын, хас да күн иһэрдэн, аалан син хамсыыр оҥордубут. Биэс күнүм оннугар түөрт күн үлэлээн үс массыынаны хамсыыр оҥордум. Онтон көрбүтүм ыскылаат кэннигэр баар саҥатык массыына быраҕыллан турар эбит. Шатунун туулката элэйэн түһэн хаалбыт. Бөҕү-саҕы хаһа сатаатыбыт да туоҕу да булбатыбыт. Аҥаардас биир втулканан быраҕыллан турарыттан кыһыйа санаатым. Втулка чочуйан көрөргө быһаарынным. Икки күнү быһа эллэһэн, игиинэн аалан втулкабын син оҥордум. Массыынам тилигирии түстэ. Эһиги тускутугар биир күн хойутаатым, мөҕүллэр киһи буоллум. Бу түүн дьиэбэр тиэрдэн кулуҥ диэтим. Куутаанабым махтал-баһыыба бөҕө буолла. Буут бурдугу кытта уон муунта арыыны биэрээхтээбитэ. Барахсан өҥ илиилээх киһи эбит этэ. – Оҕонньор кэпсээнин түмүктүүрүгэр хамсатыгар табаах симиннэ. Макаар кырдьаҕас уһун үйэтигэр төһөлөөх тарпыта буолла. Наар сэбирдэх табааҕы кырбаан, үөт хатырыгар булкуйан тардар этэ. Онто үчүгэй баҕайы сыттааҕа. Москваҕа үөрэнэ сылдьар биир сиэнэ (эһэтин аатын сүгэ сылдьар уол) кэһиитин хамса аҕалан биэрбитин «ол дойдуга» илдьэ бараары ууруна сылдьар. Хос сиэттэрэ кинини Уус Макаарынан билиммэттэр, хамсалаах эһээнэн билэллэр.
    Макаар кырдьаҕас уһанар идэтин сэттэ уонун ааһан баран бырахпыта. Солбугунан Уус Дьөгүөрү үөрэтэн хаалларбыта. Дьөгүөр аал сэбигэр, электричество күүһүгэр тирэҕирэн үлэлиир киһи. Оттон Макаар кырдьаҕас уһанар сэбин барытын бэйэтэ эт илиитинэн бэйэтэ оҥосторо. Эдэригэр Сата уустарыгар баран тимир болгуо тиэнэн кэлэрэ. Ол тимирин кыһыны быһа туттара. Уһанарын чааһынан итинник.
    Аны булдун туһунан «Уоннаахпыттан бултаабытым буолуо, бука. Аҕам туһах иитэн биэрэрэ ону кэрийэрим. Бука онтон үөрэннэҕим буолуо»- диэччи. Эдэр эрдэҕиттэн күһүн ахсын, колхоз сорудаҕынан бултуу тайҕаны булара. Кыра булду тииҥи, кырынааһы, солоҥдону, саһылы, кэлин андаатары өлөрбөхтөөбүт булчут. Саһыл мэнээгэр муҥутаан түөрт уончаны өлөрөн турар. Тайахха биирдэ эбит түбэспиттээх. Анаан, сонордоһон бултаабат этэ. Эһэттэн «дьаадьыйан» биэрэр үгэстээх. Хара тыа маанылааҕын өлөрөр айыылаах-харалаах диэччи. Колхоз тэриллиэн иннинэ балаакката, тимир оһоҕо суох сылдьан кэлтэгэй отуу туруорунан, ол иннигэр кутаа охсон хонон тура-тура бултуурун кэпсиэччи. «Колхоз буолуохтан балааккаланан, таймаланан, тимир оһохтонон айгыстыбытым» — диир. «Хайыҥыйаҕа, Накыыҥҥа сир балаҕаннаах этим. Тииҥ туһугар онно тахсыллара. Кый ыраах дойду буоллаҕа дии. Хантан ыал кэлиэй, биир эмэ булчут тоҥуска түбэһиллээччи. Дьикти оттоох-мастаах дойду этэ. Маһа түүлээх буолара. Хайыҥыйа таас хайалардаах буолара. Хантан суол кэлиэй. Урут бэйэҥ сылдьыбыт суолуҥ омоонун охсон ааспыт дьуолкаҕынан сирдэтэн тоҥуу хаары оймуурбут. Аккын мэлдьи сиэтэ сылдьаҕын, таһаҕаскын состоҕуна баһыыба. Мэлдьи кэтит мас хайыһарынан сылдьарбыт. Ыарыйдахха дуо? Ким кэлэн эмтиэ буоллаҕай. Мэлдьи тыыннаах испиирдээх сылдьан онон умунуохтанан эмтэнэҕин. Арыт окко-маска буккуйан курууска түгэҕэр оргутан баран биир луосканы сылаастыы иһэҕин. Эмтээх оту дуо? Бэйэҕин кытта илдьэ сылдьар буоллаҕыҥ дии. Испиири дуо? Булчуттарга лимиит быһыытынан биэрэн ыытааччылар» Макаар булдун туһунан кэмчи кэпсээнэ итинник. Ханна да тиийдэр сирин-дойдутун анаан-минээн алҕаан аһатар идэлээх. Улахан тылы туттан хаһан да саҥарбат идэлээх, тыл сэттээх-сэлээннээх диэччи. «Тоойуом», «ол хотоку», «муҥнаахтарыы», «буолуохтаабына» — эҥин диэн тыллары мэлдьи туттан саҥарааччы. Үксүн тугу барытын атаахтатан өйдүүр-саҥарар быһыылааҕа. Бэйэтин хаһан да үрдэтинэ туттуммакка кырдьыбыта. Биирдэ «Ойуун оҥоро сатаабыттара кырдьык дуо?» — диэн омурҕаҥҥа олорон ыйытан тоҕо сытыйдым. Оҕонньорум дьэбин уоһуйда. Саппыйатыттан ылан хамсатыгар табаах симиннэ. Саҥата суох олорон өр табаахтаата. Биһиги бары саҥата суох дьылыччы барбыппыт. Чаайыттан иккитэ-үстэ сыпсырыйан ыйыстын дьүккүк гынна. «Бэйи, суой, ону эн ол тоҕо токколостуҥ? Киһи мэнээк токколоспот дьыалата ээ. Онтукайыҥ.» «Билээри, сиэттэриҥ эһэлэрэ туох идэни талбытын биллиннэр диэммин?» Оҕонньор сымныы быһыытыйбытын билэн кимэн бардым.
    «Оттон, ол үөһээ дойдулар санаалара хоммут, харахтара хатаммыт киһилэрин ойуун эбэтэр уус оҥорор идэлээхтэр эбит» — кэпсээммит ити курдук саҕаланна. 9 хонукка эттэтэн өлөр-тиллэр ыккардынан түлэс-балас сыппыт. Онтон бэйэтэ ыйан кэрдэн биэс муостаах дүҥүр оҥотторбут. Онтон ойуурга тахсан үс-түүннээх күн кыыра сатаабыт. Кыамматах. Ойуун буолуом суох диэн дүҥүрүн оттотунан быһаҕынан дьөлө быһан баран хохудал баай тиит чуор мутугар иилэн кэбиспит, былаайаҕын ыйаабыт. Дьиэтигэр кэллэҕин үһүс күнүгэр эмиэ элбэхтик ыалдьан төбөтүн оройунан түспүт. Аны үс хара бэкидэл дьоннор көтөн түспүттэр. Эн ойуун буолбатыҥ, онон тимир ууһа оҥоробут диэн эттээн-эллээн, ытатан-соҥотон барбыттар. «Уус буолаҕын дуу суох дуу?» – дии-дии уот олгуйга оргуппуттар. «Буолабын, буолабын диир быһыылааҕым» «Тоҕус хонон баран арыый буоллум. Этим уот сиэбитин курдук дьөлүтэ баас буолан турдум. Бэйэм күл өҥүн курдук тириилэнэн турдум» — диэн баран абына-табына тииһин килэтэн күлэн ардьас гынна. Ый буолан баран дьэ киһитийдим. Түһээтэхпинэ, биһиги кыһабыт, балтабыт уотун тулуйбатыҥ, онон ортоһуор уус оҥордубут диэннэр үстэ-хаста санаттылар быһыылааҕа. «Онон орто эрэ уус буолан үйэбин моҥоон эрдэҕим» -дии диэн кэпсээнин түмүктээтэ. Макаар Уус сайын отчут буолан оргуйан турбуттаах. Ууһуттан уурайдаҕын сыл эмээхсинин сорох сиэттэрин илдьэ, атын уолаттары, оҕолору хомуйан уонтан тахса киһилээх звено тэринэн Ибээккэ оттуу тахсыбыта. Ибээк, Куоһаҕас түбэтин, Ибээк үрэҕин бүтүннүү оттоон былаанын 120% толорон 200-тэн тахса тонна оту звено салайааччыта буолан оттотон киирбитэ. Макаар арай салалтаҕа умньаспатах. Арай «Ленин суола» колхозка хаста да бырабылыанньа членэ буола сылдьыбыта. Ибээгинэн, Толоонунан, Хара Тумулунан, Күһүтүнэн, Ииктээҕинэн уонтан тахса сыл звенону салайан оттоппута. Оттуур сирдэригэр икки сиргэ отчуттар сытар дьиэлэрин туппута. Бүтэһик икки сылыгар оҕонньоттор звеноларыгар член быһыытынан сылдьан оттоспута. Уонтан тахса аарыма кырдьаҕастар бэркэ тапсан үлэлээбиттэрэ. Булдугар даҕаны, отугар даҕаны былаанын мэлдьи аһарара. Ханна да тиийдин ардьааҕын, мундутун туутун, тымтайын илдьэ сылдьара. Балыгы сөбүлээн сиирэ. Бэл олорор эбэтигэр Дьөҥкүүдэҕэ мэлдьи туулуура. Мэлдьи мас тыытыгар тура сылдьан эрдинэрэ. Техникаҕа, мотоциклга, массыынаҕа олорбото, мэлдьи сатыы сылдар. «Күөрчэхтии эргийэн киһи мэйиитин эргитэр» — диэччи. Арыгыны итирэрдии үйэтигэр испэтэх оҕонньор. Бырааһынньыктарга муҥутаан икки кыра үрүүмкэнэн бүтэр. Ыалдьан балыыһаҕа сыппатах, таблетка сиэбэтэх оҕонньор. Тоҕус уонун туоларыгар улаханнык ыалдьан турар. Ону да бэйэтиттэн. Кыһыл Бэрэҕэ хоно оттуу сылдьан туулаан ылбыт быччыкытын буһаран ньаалбаан иһиккэ хоннорбут. Сарсыныгар онтун сылытан сиэччи буолан сүһүрбүт. Өлөөрү сытарын булан аҕалан эмтээбиттэр. Онуоха диэри таблетка, укол диэни билбэт үһү. Өллүм диэн буолуммакка биэлсэр Миисэҕэ эмтэтимээри муҥ-бөҕөнү көрдөрбүт. Дьонноро бары мөрөйдөөн эмтэппиттэр. Оҕонньор түөрт-биэс хонугунан атаҕар турбут. Онтон ыла «аныгы дьон эмкэ бааһаннар бэйэлэрин-бэйэлэрэ буорту гыналлар» -диэн тыллаһарын бырахпыт. Сиэн кыыһыгар биэлсэр Настааҕа халатаан тумуулаата да эмтэнэр буолбут. Оҕонньортон ыйыталлар:
    • Уһун үйэлэммитиҥ туотан буолуо дии саныыгын?
    • Соҕотох хаалбыт киһи уһун үйэлээх буолар диэччилэр. Мин элбэх оҕолоох соҕотох хааллаҕым дии
    • Ээс, эн курдук соҕотох хаалбыттар элбэхтэр. Тоҕо эрэ уһун үйэлэммэттэр дии.
    • Оттон эмиэ да оннук ээ. Аныгы олох өҥө-тото, кыһалҕата суоҕа көмөлөстөҕө буолуо. Хаамыы көдьүүстүүр быһыылаах. Хамсааһын наада курдук. Биирдэ эмит сыттахха, өрөөтөххө лыыбаран, улук, сулукаай буолан хаалаҕын.
    • Күүстээх үлэ доруобуйаҕа охсор дииллэр, эн санааҕар хайдаҕый?
    • Үлэттэн быһынным-өллүм дии санаабаппын. Хата, үлэтэ суох буоллаххына сулумаары бөҕө…
    Ытык кырдьаҕас уһун үйэлэниитин туһунан итинник этэр. Манна биири этиэххэ сөп буолуо. Макаар оҕонньор хаһан даҕаны кыыһыран, айдаарсан сылдьара иһиллибэт. Улаханныке сөбүлээбэтэҕинэ «Бэйи, һуой ити хайдаҕый, итинник хоһоон сөп үһү дуо?» эбэтэр «Баҕайылар туохтарын былдьаһан ити айылаах киҥ-наар буолар баҕайыларый?» — диэҕэ. Кими баҕарар аһынан, харыһыйа санаан «Ол хотоку», «Ол муҥнааҕы» Ити тыллара кини уйан дууһалааҕын туоһулууллар. Сүүс сааһын өҥөйдөр да өй-мэйии мааны. Түөһэйэн көрө илик. Сир дойду ааттарын туһунан хас да номоҕу сурунан ылбыт Багдарыын Сүлбэ бэл сөхпүттээх. Бэрэбиэркэлээн хаста да хос-хос кэпсэппит. Оҕонньоро кэпсээбитин үүт-маас тылыттан тылыгар түһэрэ олорбут. Биир да маҥан баттах төбөтүгэр суоҕа. Бэл абына-табына чараас бытыга күрэҥсийэ илигэ. Таллаҕар кулгаахтаах лэҥкэгэр соҕус төбөтө, сирэйин тириитэ этэ суох төбөтүгэр хам сыстан сылдьара, онон-манан барбах мыччыстан сылдьара. Орто уһун уҥуохтаах оҕоннор төҥкөччү түһэн, маахаҕар соҕус атаҕын аа-дьуо атыллаан, устан, тайаҕа да суох буоллар син сири хороторо. Биһиги ытык кырдьаҕаспыт Васильев Макар Васильевич нэһилиэк бочуоттаах гражданина, бастакы стахановецтартан биирдэстэрэ. Үлэ, тыыл ветерана. «Үлэҕэ килбиэнин иһин», «Үлэ ветерана» кавалердара. Хас да юбилейнай медаллардаах. Биир суумка грамоталардаах. Нэһилиэк бүттүүн киэн туттар аҕа оҥостубут киһилэрэ. Сүүс сааскын өҥөйдүҥ. Аны нөҕүө түһэн олорбохтуургар үтүө баҕабытын этэбит.

Автортан: 1987 с бэс ыйын 13 күнүгэр Коммунизм суола хаһыакка тахсыбыта. Ытык кырдьаҕас 1991 с 104 сааһыгар биир сарсыарда тыаһа-ыма суох айаннаабыт сураҕа иһиллибитэ. Айаҕын иһигэр хас да хара тиистэр быкпыт этилэр. Кырдьаҕастар итини сүүс сааһы ааспыт бэлиэ диэччилэр. Урут суруйталаабыт кырдьаҕастарым бары да киэҥ көҕүстээх, кыыһырбат тымытбат, арыгыны испэт, сорохторо табааҕы тардыбат дьоннор этилэр. Бу суруйбут оҕонньорум үйэтигэр сатыы сылдьар уратылаах. Кини ат миинэн иһэрин кырдьыга баара биирдэ да көрбөтөҕүм. Хаамарын оннук сөбүлүүрэ. Тоҕуһуонун ааһыар диэри хайыһарын кэтэн, суолга киирдэҕинэ сүгэн иһэрин элбэхтик көрсүбүтүм. Бу аныгы үйэ дьоно олоро лаҕыыр буолан хааламмыт үйэбит кэбирээтэ быһыылаах.

Компьютерга киллэрдэ, аҕатын рукопиһын баарынан, уларыппакка уола Николаев Макар Васильевич. Макаар оҕоннор сиэнэ. Дьокуускай к. Кулун тутар 25 күнэ.

Саввинова Е. Е.

Акана нэҺ. бибилэтиэкэтэ.