МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
«Алаас уола Алампа» уус-уран киэһэ


Сэтинньи 13 күнүгэр Маалыкайга Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах бэйиэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах «Алаас уола Алампа» диэн дириҥ ис хоһоонноох уус-уран киэһэ буолан ааста.


Тэрээһин саҕаланыытыгар мустубут дьоҥҥо Алампа олоҕун, ыарахан дьылҕатын уонна киэҥ хабааннаах айар үлэтин туһунан сиһилии сырдатар презентация көрдөрүлүннэ.

Көрөөччүлэр суруйааччы олорон ааспыт кэрдиис кэмнэрин, айымньыларын суолтатын өссө төгүл өйдөөн-санаан аастылар.
Киэһэ биир саамай долгутуулаах түгэнинэн суруйааччы олоҕор ураты суолу хаалларбыт бастакы уонна соҕотох тапталын — Евдокия Яковлева туһунан ахтыы буолла. Бу истиҥ, иһирэх кэпсээни Вера Григорьевна Соловьева олус кэрэхсэбиллээхтик уонна итэҕэтиилээхтик тириэрдэн, мустубут дьон болҕомтотун тарта.


Уус-уран киэһэни Робелла Артемьева музыкальнай нүөмэрэ киэргэттэ. Кини Алампа тылларыгар суруллубут, норуот таптыыр «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» ырыатын кырыымпаҕа олус иэйиилээхтик оонньоон, көрөөччүлэр ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллатан, үрдүк биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Маны таһынан, көрөөччүлэр бэйэлэрин билиилэрин тургутан көрөр кыахтаннылар. Суруйааччы олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах литературнай викторинаҕа бары олус көхтөөхтүк кыттан, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Тэрээһини Яковлева Луиза Ивановна үөрэтэр үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин уус-уран дьүһүйүүлэрэ ситэрэн-хоторон биэрдэ.


Бу курдук, «Алаас уола Алампа» уус-уран киэһэ улуу суруйааччы аатын үйэтитэр, кини айымньыларыгар тапталы иҥэрэр үрдүк таһымнаах тэрээһин быһыытынан ааста.