МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
«Алампаны ааҕабыт»

Ньурбатааҕы 3№ алын оскуола 2-б кылааһыгар төрөөбүт литературабытын төрүттэспит дьонтон биирдэстэриниин А.И.Софронов — Алампаны кытары билсиһии уруога ыытылынна.

Суруйааччы «Туллук-туллук доҕоттоор» диэн кинигэтин билсэн, хоһоонун аахтыбыт, ол тула кэпсэттибит. Оҕолор доҕор, атас, дьүөгэ диэн тыллары билэн, этии оҥорорго холоннулар. Ааптар доҕордоох буолар туохха туһалааҕын, туох үчүгэйдээҕин эппитин ырыттыбыт.

Түмүккэ бары доргуччу ааҕан баран, бэйэлэрин чугас доҕотторун уруһуйдаан кэпсээтилэр. Оҕо уонна ыччат библиотеката.