Кыыс оҕо барахсан —
Дьэдьэн курдук
Тэтэрэ умайда,
Толомон маҥан күнүм
Толбонун курдук
Туналыйан көhүннэ…
Олоҥхоттон
Алтынньы ый 11 күнүгэр — аан дойду үрдүнэн кыыс оҕо күнэ бэлиэтэнэр. Олох сибэккитинэн ааттыыр кэрэчээн кыргыттарбытыгар анал бырааһынньык 2012 сылтан бэлиэтэнэр, бу бэлиэ күнү бастакыннан Канада дойдута этии киллэрэн, Холбоһуктаах нациялар уопсастыбалара ылыммыта.
Чахчыта кыыс оҕо барахсан олоҕу киэргэтэр, тупсарар аналлаах. Саха ыалын аҕа баһылыга ордук кыыс оҕону харыстыыра, өрө тутара олохпут биир көстүүтэ буолан кэллэҕэ.
Бүгүн билиһиннэрэр кыыһым Хаҥалас орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Жданова. Наталья Владимировна, Леонид Александрович Ждановтар улахан оҕолоро. Үөрэх туйгуна, “Ыллык” (сал. Алексеева П. Н.) эдкорпост биир бастыҥ кэрэспэндьиэнэ, “Кэскил” хаһыакка ыстатыйалара тиһигин быспакка тахсаллар. Кыра сааһыттан ааҕарын олус сөбүлүүр, кинигэ, хаһыат доҕордоох, олохтоох библиотека бастыҥ ааҕааччыта. Өссө алын кылаастарга үөрэнэ сылдьан, нэһилиэгэр Олоҥхо күнүн ыытыыга элбэхтик кыттан кып кыра киһи олоҥхолоон сөхтөрөөччү. Ону сэргэ оһуохай тылын этэрин туойарын сөбүлүүр. Быйылгы сайын ыытыллыбыт нэһилиэк, оройуон, Олоҥхо ыһыаҕар кыттан бириистээх миэстэлэри ылбыта. ”Дьөҥкүүдэ кыталыктара” оҕо фольклорнай ансаамбылын (сал. Федорова С. П.) иитиллээччитэ. 2022 сыл улууспутугар биллэриллибит Норуот көҕүлээһинин сылыгар Анжелина бырайыак оҥорон улуус баһылыгын 150 тыыһынчалаах гранын ылан олус үөрэн сылдьар. Камера, штатив, микрофон ылынан, оскуолатын, нэһилиэгин олоҕун сырдатарга былаана элбэх.
Оҕобут, кыыспыт Анжелина инники олоҕо сырдык, элбэх ситиһиилээх, инникилээх, үөрүүлээх күннэрдээх буолуоҕун олус баҕарабыт!
Мария Николаева, библиотекарь.