Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт нэдиэлэни түмүктүүр АМАН ӨС куолулааһын күрэҕэ олунньу 18 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан Ньурба куорат, киин бибилэтиэкэтин улахан саалатыгар буолан ааста. Бу күрэҕи 2001 сылтан Ньурбаҕа сүрүннээччи БИГЭ ӨРҮКҮЙ БААҺЫНАЙ УОЛА. Өйөөччүлэр-тэрийээччилэр: Ньурба култууратын салалтата, Ф.Г. Сафронов аатынан оройуоннааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ.
Быйыл 22 төгүлүн ыытыллар Төрөөбүт төрүт тыл-норуокка сайдыы силиһэ буоларын бигэргэтэр сыаллаах Аман Өс күрэххэ кытыннылар: Маартан Анна Прокопьевна Абишева, Валентина Давыдовна Федорова, Дьаархантан Татьяна Револьевна Васильева — Айхаана Кыым, Маалыкайтан Вера Григорьевна Соловьева , Саргылана Анатольевна Стручкова, Хорулаттан Матрена Алексеевна Степанова, Антоновкаттан Антонина Архиповна Яковлева.
Устар ууну сомоҕолуур, төрөөбүт тылы дьаныардаахтык бүөбэйдэһэр Сэттэ Далбар Хотун үс түһүмэххэ чаҕылхайдык кыттан үс чаас биллибэккэ ааста.Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр: 1999 сылтан Ийэ тыл көҥүл түмсүүгэ, 2019 сылтан үһүс Конгресска, 2020 сылтан төрдүс Конгресска үлэлиир, 2021 сылтан Саха омук Итэҕэлин холбуурга, сааһылыырга үлэлэһэр БИГЭ ӨРҮКҮЙ БААҺЫНАЙ УОЛА, «Ньурба уоттара» айар түмсүүттэн Саха сирин үрдүнэн биллэр хоһоонньут, түөрт кинигэ ааптара, билигин олоҥхо айан суруйууга ылсан үлэлии сылдьар бибилэтиэкэбит улахан доҕоро Алла Руслановна Сельтюкова — Айаалла, 39 -с сылын талан ылбыт идэтинэн үлэлиир, саха тылын, литературатын чиҥник билээччи бибилэтиэкэр Рея Петровна Васильева.
Үс түһүмэх тухары куолулааһын күрэххэ сахалыы чопчу, толору саҥарары сэргэ истээччилэргэ ис хоһооно кэрэхсэбиллээҕинэн болҕомтону тардыыны уонна бэриллибит кэми тутуһууну Далбар Хотуттар ситистилэр.
ТӨРҮЧЧҮ-өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ бастакы түһүмэххэ удьуордарыттан саҕалаан бэйэлэрин билиһиннэриилэригэр олус билэр дии саныыр дьоммутун саҥаттан бэйэбитигэр арыйдыбыт.
Иккис түһүмэх — Ыйытык-хоруй Хаһан? Ханна? Хайдах?, тэрийэр бөлөх эрдэ бэлэмнээбит ыйытыктарыгар тута хоруйдааһыннара элбэҕи билэллэрин көрдөрдө.
Үһүс түһүмэх-Көҥүл куолу-ҮЛЭНЭН симэммит олох төрдүлэригэр-уустарыгар бастыҥ үлэһит, киэн туттар киһилэрин кэпсээһиннэригэр чаҕылхай да олохтоох биир дойдулаахтарбыт тустарынан үгүстэр бүгүн саҥа иһиттибит, астынныбыт, билиибитин хаҥаттыбыт. Олус үчүгэй кэпсээһиннэрэ Ньурба култуураҕа салалтатын пуондатыгар уһулунна, архыыпка киирдэ.
Аман Өс күрэх бары кыттыылаахтарыгар махтал сурук уонна Ньурба уоттара айар түмсүү араас кэмнэрдээҕи чилиэннэрин кинигэлэрэ туттарылынна. Барыларыттан уһулуччу кыттыыны ылан Малыкайдааҕы Аартык түмсүү чилиэнэ, аҕыс кинигэ ааптара, 81 сааһыгар үктэммит Соловьева Вера Григорьевна БАСТАКЫ ҮРДЭЛ. Кыраһа, Ньурба уоттара түмсүү көхтөөх кыттааччыта, хоһоонньут Яковлева Антонина Архиповна ИККИС ҮРДЭЛ. Маалыкайтан Аартык түмсүү хоһоонньута, ырыа матыыбын айааччыта Стручкова Саргылана Анатольевна ҮҺҮС ҮРДЭЛ кыайыылаахтара буоллулар.
Кыайыылаахтарга А.В.Егоров салайар Айар кинигэ кыһата туруорбут (2000, 1500, 1000 солкуобайга «Айар» кинигэ кыһатыттан атыылаһарга туоһу суруктар) бириистэрэ ананна. Махтал бастыҥын аныыбыт Август Васильевичпытыгар! Айаалла дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбитин таһынан тус бэйэтин биһирэбилин «Күн сирин көмүскэлэ-үс ини-бии бырааттылар» олоҥхо кинигэтин Анна Прокопьевнаҕа бэлэх уунна. Үлэбитигэр өрүү көмө буолар Айааллабытыгар таптал, хайҕал, махтал! Күрэҕи тэрийбит киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата сэмэй бэлэхпитин, сүгүрүйүүбүт бэлиэтин Вера Григорьевнаҕа анаатыбыт. Ньурба уоттарын күүстээх салаата буоларын В.П. Аммосова салайар Маалыкайдааҕы Аартыктар буолалларын бүгүн эмиэ эрэллээхтик бигэргэттилэр. Вера Петровна кыттааччыларын аттыгар сылдьан тэҥҥэ үөрдэ-көттө. Маардааҕы Ыллык түмсүү салайааччыта биир идэлээхпит В.Е. Самсонова эмиэ икки киһитин кытыннарбыта олус кэрэхсэбиллээх. Түмүгэр Бигэ Өрүкүй Бааһынай уола хас биирдии кыттааччы кэпсээнигэр нууччалыыттан киирбит тыллары туттубуттарын этэн соһутта да, сөхтөрдө да. Элбэх да сахалыы төрүт тылбытын билбэт эбиппит. Умнуллубут тыллары туттубутунан Вера Григорьевна биһирэниэн биһирэннэ. Саха тыла үйэлэргэ иһиллэрин туһугар дьаныардаахтык үлэлиир Бигэ Өрүкүй Бааһынай уолугар ситиһиилэри баҕарабыт.
Саха киһитэ, умнуллубут тыллар суолталарын өйдөөн, күннээҕи олоххор туттан тилиннэр, байыт, төрүт тылбыт сир кырсыттан сүппэтигэр үлэлээ, ай-тут, диэн Аман Өс кыттыылаахтара, тэрийээччилэрэ ыҥырабыт.
Сонуннаата Маргарита Ноева