МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Антоновкатааҕы “Кыраһа” литературнай түмсүүттэн үтүө сонун

Степанова Лидия Дмитриевна 1953 сыллаахха Ньурба Антоновкатыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии, Ленинград оборонатын кыттыылааҕа, Слава 3-үс степеннээх орден кавалера, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ Васильев Дмитрий Акимович — Дьэргэстэй дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Идэтинэн, нуучча тылын, литературатын учууталынан, 45 сыл устата Антоновка орто оскуолатыгар айымньылаахтык үлэлээбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Үтүөлээх учуутала. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон сиэннэрин көрсөрүн сэргэ айар-суруйар идэлэннэ.

«Аҕыйах строкаҕа элбэх да санааны этэн дьоҥҥо тиэрдиэххэ сөп, аҕыйах тылынан дууһа дириҥ иэйиитин хоһуйуохха сөп” диэн санаатын үллэстэр Дьэргэстэй кыыһа аатынан саҥа биллэн эрэр хоһоонньут, “Кыраһа” түмсүү чилиэнэ. Түмсүүбүт дьоҕурдаах хоһоонньутун айымньыларын эһиэхэ бэлэх уунабыт. Сэргээҥ, сэҥээриҥ….

Оҥоһуубун оҥордум-
Айаас акка олордум.
Атым көхсө күөрэҥнэс,
Харахтара эрилиҥнэс,
Тыынар тыаһа бурдурҕас,
Айыы таҥара! Көмөлөс!
 
 Атым өрө мөҕүстэ,
Эмискэ тура түстэ,
Кулгаахтарын чөрөттө,
Төбөтүн өрө чолотто,
Иһийдэ, иһиллээтэ,
Биир сиргэ тэпсэҥнээтэ.
 
Атым күүскэ тыбыырда,
Эрилис- бурулус көрдө,
Муҥунан салгын эҕирийдэ,
Илин диэки дьулуста,
Дьигиһийэ дьүккүйдэ,
Иннин хоту түһэ турда.
 
Тутан ыллым тэһиини,
Көнө суолга салайдым.
Күүстээх бигэ илиини
Атым тута сэрэйдэ,
Холку, наҕыл киһини
Судургутук билиннэ.
 
Олох эмиэ айаас ат.
Мүлчүркэй уорҕалаах,
Өһөс өйдөөх, дохсун ат
Айыы киһитигэр аналлаах,
Сэниэтэ суоҕу сэниир,
Сиэлэр айаны сөбүлүүр.
 
 
++++++++++++++++++++++
 
Мүлчүккэй уорҕалаах,
Өһөс өйдөөх, дохсун ат
Айыы киһитигэр аналлаах,
Сэниэтэ суоҕу сэниир,
Сиэлэр айаны сөбүлүүр.
                              
 
Хараҥа түүн, аар хатыҥ,
Тугу түһээн көрөҕүнүй?
Силистэргэр сипсийэн,
Сир Ийэ тугу кэпсиирий?
 
Устар уута буортуйан,
Сүүрүктэрэ сүһүрэн,
Хорук тымыра бүөлэнэн,
Тыынын кыайан ылбакка,
Ынчыктыыр дуо?
 
Ыччата ычата кыараан,
Ыһар, тоҕор, алдьатар
Адьынатын таайан,
Ыраас ньуурун аһыйан,
Ытамньыйар дуо?
 
Ииримтийэр киһи аймах
Имири эһэр сэбиттэн,
Кини ньиргиэр тыаһыттан,
Кутун- сүрүн баттатан,
Ыгылыйар дуо?
 
» Иэгэйэр икки атахтаах!
Көмүскэс күн киьитэ!
Аһыныгас айыы киһитэ!
Тохтоо! Тохтоо!», — диэн
Кылана хаһыытыыр дуо?   
 
++++++++++++++++++++++++
 
Суолдьут сулуһум!
Мин буойун эһэм!
Суолгун суоллуубун,
Иккистээн тэлэбин,
Сэрииһит киэбин
Мин эмиэ кэтэбин,
Саа-саадах тутабын,
Андаҕар биэрэбин,
Сэриигэ барабын.
Куйаарга дуорайар
Куоласкын истэбин,
Аартыкпын арыйар
Алгыскын ылабын:
 
“Үрдүк мэҥэттэн
Барытын көрөбүн,
Сэрии эстэр сэбин
Ньиргиэрин истэбин.
Сиппэтэх эбиппин,
Абатыан! бэйэтин,
Ситээр эн бэдэрин,
Иэстэһээр киниттэн,
Ол эрэн эн өйдөөр,
Истэҕин дуо?! Өйдөөр!
 Өстөөх өһө күүстээх,
Киитэрэй өйдөөх,
Эстэр эһэр сэптээх.
Оттон эн, мин уолум!
Мин оҕом! Уолчааным!
 Мин сэрииһит сиэним!
 Ытык иэстээххин,
Үрдүк аналлааххын!
 Самныма саалаахтан!
 Охтума охтоохтон!
 Сууллума аккыттан!
 Уонна дьэ! Истэҕиэн?!
 Хайаатар даҕаны!
 Бу уоттаах сэрииттэн,
Бу кыргыс хонуутуттан
Өстөөххүн өһөрөн,
Санаатын самнаран,
Эн тыыннаах эргиллээр!!
Истэҕиэн ?! Эргиллээр!»
 
Истэбин, Эһээ! Истэбин!
Өстөөҕү өһөрүөм!
Санаатын самнарыам!
Соруккун толоруом
Тыыннаах эргиллиэм!
 
++++++++++++++++++++++++++++
 
 Өстөөх өһөс, өйдөөх,
Өһүллүбэт өһүөннээх,
Үстэ үүнэр төбөлөөх,
Сэттэ сиэмэх сирэйдээх,
Муостаах, туйахтаах,
Силистээх, мутуктаах,
Эстэр сэрии сэптээх,
Уһуурар, умайар уоттаах,
Тууҋар, тумнарар тумалаах,
Көҥүл көтөр көлөлөөх,
Абааьы ааргы аргыстаах,
Абылыыр албын албастаах.
 
Оттон эн Урааҥхай оҕотоҕун,
Үрүҥ Аар Тойон аҕалааххын,
Ньургун Боотур эьэлээххин,
Улуу Тыгын сыдьаанаҕын,
Саадаххын үстэ курданаҕын,
Үс Кут куйахтааххын,
Харысхал хахтааххын,
Айыылартан алгыстааххын,
Айыыһыт аргыстааххын,
Самныбат санаалааххын,
Охтубат оҥоһуулааххын,
Кыайыы кынаттааххын.
                               
+++++++++++++++++++++++++++


Эйигин көрсө түстэрбин,
Сэттис халлаан аһыллар,
Алгыстаах аартыктан
Ааппытын ааттыыр Аар Тойон.
 
Эйигин көрсө түстэрбин,
Айхаллаан ааһаллар,
Алгыстарын аныыллар
Айыыһыт хотуттар,
 
Эйигин көрсө түстэрбин,
Үмүөрүһэ мусталлар
Уруйдуу туойаллар
Үрдүк үрүҥ айыылар.
 
Эйигин көрсө түстэрбин,
Иэйиэхситим сиэттиһэр,
Эйэҕэстик мичээрдиир,
Имэҥнээхтик имнэнэр.
                               Лидия Дьэргэстэй кыыһа.

 
 
«Кыраһа” түмсүү салайааччыта Елена Софронова