“Айар киһи биир сиргэ тэпсэҥниэ суохтаах, сири-дойдуну кэрийиэхтээх, элбэҕи билиэхтээх-көрүөхтээх, дьоҥҥо чугас буолуохтаах.”
Надежда Егорова –Намылы.
Олоҥхо дойдутунан ааттаммыт Сунтаар сирэ айар талааннаах кыргыттарынан киһи кэрэхсиирин курдук баай дойду. Дьон — сэргэ билиниитин ылбыт Сунтаар хоһоонньут кыргыттара Наталья Михалева — Сайа, Александра Григорьева — Сандаарыйа, Венера Петрова — Венера, Саргылана Спиридонова, Ангелина Шадринова — Суоһааны айар талааннарыгар сүгүрүйээччи элбэх. Ону сэргэ суруналыыстыка, проза жанрдарыгар ааҕааччы биһирэбилин сыллата ылар, айымньыларын ытыска түһэрэн умсугуйан ааҕар айар куоларбыт — суруйааччы, суруналыыс СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Нельбисова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа “Саха Сирэ” хаһыат суруналыыһа Надежда Егорова — Намылы, “Кыым” хаһыат биир сытыы бөрүөлээх биллэр суруналыыстара Туйаара Сергеева — Сиккиэр, Нина Герасимова буолаллар.
Быйыл олунньу оһуордаах, тыл хомуһунун ыйыгар билиҥҥи саха суруналыыстыкатын инники күөнүгэр эрэллээхтик үктэммит Надежда Егорова — Намылы күн сирин көрбүт, олоҕун биир бэлиэ сырдык сааһын көрүстэ. СӨ култууратын, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта, намыын ааттаах суруналыыһа Надежда Егорова — Намылы аата саха ааҕааччытыгар биллэр аат.
Суруналыыс Надежда Егорова Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр 9 оҕолоох Марфа Ивановна уонна Парфений Данилович Николаевтар үлэһит дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһыттан тыа сирин олоҕун, үлэтин -хамнаһын билэн, элбэх кинигэ быыһыгар улааппыт кыыс ааҕыы алыптаах дойдутугар сиэтэн киллэрбит, билиигэ–көрүүгэ уһуйбут киһитинэн аҕатын киэн тутта ааттыыр. Кини сопхуос ыарахан үлэтиттэн быыс булан, кинигэ, хаһыат тута сытара, оҕо сааһын сырдык өйдөбүлэ.Аны биир киһи кэрэхсиирэ билиҥҥи саха литературатыгар иэйиилээх айымньыларынан ааҕааччы кутун туппут суруйааччы Галина Нельбисова — суруналыыс Намылы бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. Ини-бии суруналыыстар үлэни, үйэлээх тапталы, тулалыыр эйгэҕэ үтүө сыһыаны өрө туппут саха сэмэй ыалларын олохторун суруйууларын саха ааҕааччыта өйдүүр буолуохтаах. Саха дьахталларыгар аналлаах “Далбар Хотун” сурунаалга айымньылаахтык үлэлиир, аныгы саха дьахталларын бүгүҥҥү олоххо ситиһиилэрин, талааннарын арыйан биһиги өйбүт санаабыт, сүрэхпит-иэйиибит сиэркилэтэ буолар дьоһун ахтыылары, ол быыһыгар тэттик кэпсээннэринэн умсугутар сэргэх суруйууларын эмиэ ааҕыахха сөп.
“Суруналыыһы атаҕа аһатар” диэн этиллэринии, киһи дууһатын кылын ханнык эрэ көстүбэт ситимин таарыйар ураты дьоҕурдаах аныгы кэм сэргэх суруксута Надежда Егорова араас улуустарынан сылдьан суруйбут үгүс интервьюларыгар, дьону личность быһыытынан сырдатарга дьулуспут суруйуулара тустаах киһи олоҕун кинигэ курдук арыйан ааҕарга суруйуута ордук умсугутар.
Надежда Егорова “Намылы” диэн бэйэтигэр олус барсар нарын псевдонимы ылынан, “Дьахтар абылыыр айылгыта” диэн бастакы кинигэтинэн суруйааччы айар ыллыгар үктэммитэ. 2015 сыллаахха “Сэһэргээ, үрүҥ халааттаах аанньалым” диэн иккис кинигэтин саха ааҕааччыларыгар ууммута. Бу кинигэтигэр кэнники сылларга ситиһиилээх айар үлэтин үрдэлинэн буолбут тапталлаах “Саха сирэ” хаһыатыгар уонна өрөспүүбүлүкэ сурунаалларыгар тахсыбыт матырыйааллара киирбитэрэ. Кинигэ аата да, этэрин курдук Өрөспүүбүлүкэ эмчиттэрэ суруналыыһы кытта атах тэпсэн олорон, санааларын аһаҕастык үллэстиилэрэ, үлэлэрин уустук уонна ситиһиилээх өрүттэрин арыйыылара, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах сүбэлэрэ киирбиттэрэ. Эмчиттэргэ анаммыт сахалыы кинигэ кэмчитинэн да, бу кинигэ үгүс ааҕааччыны кэрэхсэппитигэр саарбахтаабаккын. Бу сыл талааннаах суруналыыс Надежда Егорова “Түмүктээх суруйуу иһин” диэн өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын Сойууһун бириэмийэтин лауреата буолбута.
2016 сыллаахха Россияҕа Киинэ сылыгар саха театрын эйгэтин өрүү сырдатар, киһи ааҕа олоруон курдук ис киирбэх суруйуулары суруйар Надежда Егорова — Намылы ньурбалар биир дойдулаахпыт СӨ үтүөлээх артыыската Маргарита Борисова олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсиир “Ыра санаа ыллыгынан” диэн кинигэтэ ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр тарҕаммыта. Икки айар куттаахтар сүбэлэрин холбоон бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэр саха аныгы литературатыгар сонун сүүрээн дьикти айымньы буолан тахсыбыта.
2019 сыллаахха Надежда Егорова — Намылы уонна Иннокентий Попов «Тайҕа таайыллыбатах таптала” диэн икки ааптар ураты көстүүлээх биир сэһэни суруйан таһаарбыттара. Кинигэ дьоруойдара — куорат мааны хотуна Виктория уонна тайҕа хаһаайына Борокуоп үүтээҥҥэ көрсүспүт ураты иэйиилэрэ, өй-сүрэх мөккүөрэ буолбут соһуччу таптал хайдах түмүктэнэрин билбэккэ, ааҕааччы долгуйа күүтэр. Судургу, ааҕааччыга тиийимтиэ тылларынан сэһэргиирэ умсугутуулаах буолан, айымньы геройдарын кытта тэҥҥэ үөрэн да, хомойон да ылаҕын. Айымньы ааҕааччыга итинник дьайыыта суруйааччы ситиһиитэ буоллаҕа.
Билигин түргэн сайдыылаах XXI үйэҕэ, IT информационнай технология киирбит, олох тутула уларыйбыт кэмигэр олоробут. Хомойуох иһин хаһыакка сыһыан, ааҕааччы ахсаана сааһыран аҕыйаан, дьон бары социальнай ситимнэргэ олорор кэмэ кэллэ. Ол эрэн бу быстах көстүү кэмэ ааһан, саха тыллаах баарын тухары тыыннаах кинигэ, хаһыат ааҕылла, кэрэхсэнэ туралларыгар эрэлбитин сүтэрбэппит.
Олус сэмэй, номоҕон Намылы суруналыыһы кытта мин билсиһиим аныгы кэм сайдыытын биир ситиһиитин түмүгэ буолан, аан дойду хайа баҕарар муннугуттан, кимниин баҕарар куйаар ситиминэн билсиһиэхэ, ону ааһан олус чугастык санаһыахха сөп эбитин биир холобура. Ол да иһин сорох дьон тапталларын ситим нөҥүө көрсөн, ыал буолуохтарын сөп эбит дии саныыгын. Онон тэйиччи сылдьан суруйууларгын мэлдьи кэрэхсиир, ытыктыы саныыр киһибэр, Надежда Егорова — Намылыга чэгиэн туругу, ыра санааларгын сурукка тиспит, ырааһы, сырдыгы ыралыыр, олох үтүө, үчүгэй өттүн таба көрөн сонунтан сонун сэргэх суруйууларыҥ толору тууйастаах, сиппит-хоппут айымньыларгынан ыы быччары ыаҕайалаах буола тур, кэлэн иһэр сааскы маҥнайгы сырдык куттаах бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн, дьахтар быһыытынан мааныга, далбарга, тапталга сууланан, айар үлэҥ аартыгар сонун ситиһиилэр кэлэ турдуннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Мария Николаева, СӨ култууратын туйгуна, бибилэтиэкэр.