Бүгүн С. Бороҕуонускай аатынан сынньалаҥ пааркатыгар оҕо-аймах саҥатынан-иҥэтинэн, көр-күлүү ырыатынан туоллулар. Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэ, Убайааннаҕы бибилэтиэкэ филиала, Ф.Г.Сафронов аатынан бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа үлэһиттэрэ оҕолорго аналлаах бырааһынньыктааҕы тэрээһини паарка балаҕаныгар ыыттылар. Ол курдук кырачаан ааҕааччыларбыт, дьиэ кэргэнниилэр, эбээлэр, эһээлэр сиэннэринээн сахалыы остуол оонньууларыгар, үҥкүү флешмобар, викториналарга, сыалы чопчу табыы оонньуутугар, «Ситэри уруһуйдаа» раскраскаҕа кыттан дуоһуйа оонньоотулар, минньигэс бириистэринэн наҕаарадаланнылар.
Оҕо — ыал дьоло, дьиэ кэргэн инники кэскилэ! Быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар ойор күннээх оҕо сааспыт барыбытын өссө ордук сомоҕолуур.
Хас ыал аайытын оҕо саҥата чуопчаардын, хас биирдии оҕо мичээрэ таптал уйатын дьолунан толордун!
Күндү көмүс оҕолорбут көмүскэллээх, бары өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх, чэгиэн туруктаах, чөл өйдөөх-санаалаах буола улаатыҥ!
Оҕо үөрүү, оҕо дьол,
Сиргэ таптал чыпчаала,
Олох сүппэт кэскилэ,
Сири симиир кэрэтэ.
Оҕо эрэ баар буолан,
Дьиэбит иһэ киэргэйэр,
Оһуор суолбут тыргыллар,
Дьиэрэй ырыа ылланар.
Оҕо сирбит киэргэлэ,
Дьоллоох олох тутула,
Ойор күммүт үөрүүтэ,
Дьикти иэйии үрдэлэ.
Оҕо дьикти минньигэс,
Чыычаах курдук чыыбыргыыр,
Олох дьикти бэлэҕэ,
Чэбдик ыраас салгыммыт.
Таисия Ноговицына. Антоновка. «Кыраһа» түмсүү. 01.06.2024 с.
Оҕо саас чаҕылхай күннэрин биһиги бибилэтиэкэбитин кытта бииргэ атаарыҥ! Элбэххэ үөрэтэр, аралдьытар туһалаах «Библиодворикпытыгар» кэлиҥ! Сайыны туһалаахтык атаарыҥ!
Ньурбатааҕы кииннэммит ситим.