МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Бүгүн күлүм-чаҕыл уотун ыһар, сандаарар күннээх сааскы күн, Аҕа күнүн бэлиэтиибит


Төлөннүрэр сүрэхпит
Дьулуһуутун холбооммут,
Булчут бэрдэ удьуорбут
Мындыр өйүн салҕааммыт —
Кэскили түстэһэн
Аҕалар, түмсүөҕүҥ,
Ыччаппыт туһугар
Алгыһы аныаҕыҥ!

Аҕалар гимнэриттэн.


Бу бырааһынньык бастакы бэрэсидьиэн М. Е. Николаев ыйааҕынан 1999 сыллаахха олохтоммута. Онтон 2017 сылтан Ил Дархан уурааҕынан ый иккис баскыһыанньатыгар уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга.
Саха киһитэ барахсан бу тыйыс айылҕалаах сахабыт сиригэр бэйэтин кыаҕынан дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ. Ыал аҕата дьиэ кэргэн туллар тутааҕа, үрдүк өһүөтэ. Кини бу олоххо иллээх дьиэ кэргэн, оҕо-уруу сайдар, үүнэр олуга.
Саха сиригэр норуот инники кэскилигэр ураты сыһыаннаах бэлиэ күн — Аҕа күнүн чэрчитинэн, аҕа уонна уол оҕо кыттар “Аҕа күрэҕэ” күрэхтэһии сыллата ыытыллан кэллэ.
Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгиттэн быйыл Чурапчы оройуонун Сылаҥ нэһилиэгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи XXII Аҕа күрэҕэр биһиги нэһилиэкпит бастыҥ ыаллара Никифоровтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Николай Владимирович уолунаан Григорийдыын кытталлар. Кинилэр кулун тутар 25 күнүгэр ыытыллыбыт оройуоннааҕы Аҕа күрэҕин кыайыылааҕынан тахсан, улуус баһылыга туруорбут 50000 суммалаах сертификатын ылбыттара, уратыта диэн биир дойдулаахтарбыт бу күрэххэ иккис сылын кыайыылааҕынан тахсан, чахчы да кыахтаахтарын көрдөрөн кыайыы өрөгөйүн өссө төгүл билбиттэрэ буолар.


Алта оҕолоох ыал ийэтэ Улита Васильевна, аҕалара Николай Владимирович иккиэн олохтоох оскуолаҕа үлэлииллэр. Үлэлэрин таһынан бу сыллар тухары иккиэн нэһилиэккэ ыытыллар бары общественнай үлэлэргэ тутаах кыттааччы, тэрийээччи ыаллар. Николай Владимирович нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайан үлэлэтэр, Улита Васильевна нэһилэк сэбиэтин депутата. Алта оҕолоох эдэр ийэ бириэмэтин сөпкө аттаран, таһыттан көмөтө суох барытын ситэрэ-хоторо сылдьарыттан арыт сөҕө саныыгын. Сүөһү-ас тутан, эбии дохуот киллэринэн, ону сэргэ уолаттара олох кыра саастарыттан окко маска үлэлэһэн, сүөһү көрсөн тутаах көмө дьон буола улааттылар. Уолаттар бары оскуолаҕа киирээт, тустууннан дьарыктанан барбыттара. Бу өттүнэн нэһилиэкпит спорка тренера, Россия көҥүл тустууга спорка маастара Василий Васильевич Алексеев уолаттары утумнаахтык дьарыктаан Никифоровтар үс уолаттара тустууга элбэх ситиһиилэнэн, оройуон өрөспүүбүлүкэ чиэһин элбэхтик көмүскээн кэллилэр. Никифоровтар дьиэлэрин биир муннугун оҕолорун спорка ситиһиилэрин наҕараадалара, кубоктара кэрэһилиир. Түөрт уол кэнниттэн төрөөбүт кэтэһиилээх кыргыттар Николина 1 кылаас үөрэнээччитэ, кыра кыыс Каролина уһуйаан иитиллээччитэ.


Бүгүҥҥү күҥҥэ тоҕус томтордоох Чурапчы сиригэр тиийэн, дойдуларын аатын ааттата сылдьар Никифоровтар дьиэ кэргэттэригэр инникитин даҕаны чөл олоҕу, үлэни өрө тутан бу чэпчэкитэ суох кэм кыһалҕаларын этэҥҥэ туоруурга бэйэҕит олоххо үлэҕэ холобургутун көрдөрөн сырдыы сыдьаайа,чэбдик туруктаах сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Ытыктабыллаах аҕалар, бу күн эһиэхэ истиҥ махтал тылларын анаан туран, булугас өй, күүстээх санаа, инникигэ эрэл, чөл олох, чэгиэн-чэбдик турук, мындыр толкуй, эрэллээх доҕоттор, тапталлаах кэргэн, иллээх дьиэ-кэргэн куруутун тулаҕытыгар баар буоллуннар диэн баҕа санаабытын тиэдэбит.

Мария Николаева, библиотекарь.