Бүгүн Саха Сиригэр Хомус күнэ — бэлиэ күн. Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыл бэс ыйын 27 күнүнээҕи Ыйааҕынан Саха Өрүспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр. Хомус биһиэхэ – төрүт дорҕооммут, куйаары кытары ситиммит, өбүгэбит бэлэҕэ, ытыс саҕа ымыыбыт, духуобунай бэлиэбит, арчылыыр дьүрүскэммит, култуурабыт көрүҥэ, устуоруйабыт сорҕото. Алын кылаас оҕолоро бибилэтиэкэҕэ кэлэн Аан дойдутааҕы Хомус түмэлигэр баар араас омуктар хомустарын туһунан биллилэр. Хомус дорҕоонун истэн, бэйэлэрэ оонньоон көрдүлэр. Оҕолор саҥаны билэн-көрөн астынан бардылар.
Крылова Н. В.
Үөдэй бибилэтиэкэтэ.